2024 сыл Үөһээ Дьааҥы улууһугар История сыла буолан, оскуолабытыгар Верхоянскай куорат библиотекатыттан Анна Васильевна Слепцова этнограф, учуонай В.Л.Серошевскай олоҕун туһунан документальнай киинэ аҕалан көрдөрдө. Бу олус кэрэхсэнэр тэрээһин оскуолабытыгар История сылын арыйда.
Анна Васильевна таҥан оҥорбут «Верхоянье в судьбе Серошевского» диэн киинэтин 1 чааһыгар Дьааҥы улууһугар ыраахтааҕы саҕана 130-ча политсыылынай кэлэн олорбуттарын кэпсээтэ. Ол курдук В.Ногин, И.Бабушкин, И.Худяков, С.Ковалик, М.Бруснев, П. Войнаральский, о.д.а. олохторун туһунан араас докумуоҥҥа олоҕуран сырдатта.
Киинэ иккис аҥаара Верхоянскай куоракка көскө кэлбит учуонай Вацлав Серошевскай олоҕун туһунан буолла.
Саха дьоно Серошевскайы учуонай, этнограф, «Якуты» диэн сүдү суолталаах научнай кинигэ ааптарын быһыытынан билэбит. Оттон бу киинэ кини маннааҕы олоҕун, тапталын, дьиэ кэргэнин билиһиннэрэр. Серошевскай бу кый ыраах хоту дойдуга турар бэйэтэ кэлэн, илиитин дьоҕурунан тимир ууһа буолан, олохтоохторго көмөлөспүтэ, манна кини олохтоох кыыһы Анна Слепцованы көрсөн, кэргэн ылан, кыыс оҕону төрөтөн, кылгас да кэмҥэ буоллар, дьоллоох дьиэ кэргэн олоҕун билбит эбит. Онон бу киинэ биһиги улууспут, кырдьаҕас куораппыт историята дириҥин, уустугун, олус умсугутуулааҕын арыйда.
«Тымныы Чыпчаала» түмэл үлэһитэ Евдокия Николаевна Серошевскай туһунан быыстапка аҕалан кэпсээтэ. 2016 сыллаахха Дьааҥыга Х Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар Серошевскай кыыһа Сюзанна Серошевская ыалдьыттаан барбыт. Кини бэлэхтээбит аккырыыккатын, кинигэлэрин көрдөрдө. Верхоянскай орто оскуолатын история учууталынан үлэлээбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ Валентина Алексеевна Старостина Серошевскай туһунан араас сылларга хаһыакка тахсыбыт матырыйаалы мунньан альбомҥа тиспитэ эмиэ биир туспа история кэрэһитэ буолла.
Онон бу киинэ дойдубут историята киэҥ далааһыннааҕын, киһиэхэ дьиэ кэргэн суолтатын сырдатар оҕолорго олус үчүгэй сонун тэрээһин буолла. Анна Васильевнаҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбит!
Ливия ДРУГИНА,
Х кылаас,
Боронук орто оскуолата,
Үөһээ Дьааңы улууһа