“Биир күн – аармыйаҕа” диэн байыаннай-патриотическай оонньуу биһиги оскуолабытыгар үгэс быһыытынан сылын аайы ыытыллар.
Биир күрэххэ ити сыалы-соругу барытын хайдах ситиһэҕит диэн ыйытыаххыт. Бу күрэх биһиэхэ сылын аайы ыытыллар буолан, эрдэттэн өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх оҕолор кэлэбит. Күрэххэ ылбыт билиибитин, бэйэ-бэйэбитигэр анаабыт истиҥ, эйэлээх сыһыаммытын тахсан бардыбыт да умнан кэбиспэппит, төһө кыалларынан харыстаан илдьэ сылдьабыт. Күрэх бүттэ, онон барыта бүтэр диэбэппит.Сүрүн сыала бэрээдэккэ, хамаанданан үлэлииргэ үөрэтии, бэйэ икки ардыгар үтүө сыһыаннаах, чиэһинэй, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буолуу бастакы хаачыстыбаларын иитии уонна хардарыта көмөлөһө үөрэнэри ситиһии.
Буоларын курдук, күрэх V-XI кылаас үөрэнээччилэрин түмтэ. “Тэйэр” оҕо байыаннай-спортивнай кулуубун “Эрчим”, “Эрэл”, “Дьулуур” хамаандаларын икки ардыларыгар ыытылынна.
Кылаабынай судьуйанан Василий Николаевич Яковлев үлэлээтэ. Тэрээһиммитигэр анал байыаннай дьаһалтан кылгас кэмҥэ уоппускатыгар кэлэ сылдьар биир дойдулаахпыт Дмитрий Илларионович Попов кыттыыны ылла, оҕолорго күүстээх санааны, тулууру, дьулууру, бэйэ-бэйэҕэ убаастаһыыны, төрөөбүт дойдуларын куруутун таптыы, харыстыы сылдьалларыгар баҕарда.
Күрэх бастакы түһүмэҕэ Россия, Саха өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйдөрүн ырыаларын, ону таһынан Чурапчы улууһун, Соловьев нэһилиэгин, оскуолабыт Өрөгөйдөрүн ырыаларыттан биири талан толоруу.
Иккис түһүмэх – “Ийэ сирбитин харыстыаҕын!” диэн плакат оҥоруутугар дьиэҕэ үлэ бэриллэн, плакаттары көмүскээһин.
Бу икки түһүмэх кэнниттэн хамаандалар байыаннай уруоктарынан тарҕастылар. Эбиэт кэнниттэн сибиэһэй салгыҥҥа тахсан сэрээккэ¸сыал ытыыта, АК-74 автоматы ыһыы, хомуйуу, ботуруон хомуйуута, ОФП, үөрэх түмүгүнэн тест толоруута, Устаап үөрэтэн туттарыыта, “Смотр песни и строя”, “Военизированная эстафета”, канат тардыһыыта буоллулар.
Күрэх көрүҥнэринэн биирдиилээн кыайыылаахтар билсиһиннэрэбин:
Ботуруону хомуйуу. Улахан кыргыттарга 1 м. — Алеся Николаева, 2 м. — Аня Николаева, 3 ми. — Айта Попова. Кыра кыргыттарга 1 м. — Сайнаара Яковлева, 2 м. — Вилена Петрова, 3 м. — Сайаана Андросова. Улахан уолаттарга 1 м. — Маркел Николаев, 2 м.- Максим Владимиров, 3 м. — Арсен Макаров. Кыра уолаттарга 1 м.- Ваня Сибиряков, 2 м. — Дорофей Иванов, 3 м. — Максим Говоров.
АК-74 автоматы ыһыы, хомуйуу. Улахан кыргыттарга 1 м. — Аня Николаева, 2 м. — Ангелина Кривошапкина, 3 м. — Алеся Николаева. Кыра кыргыттарга 1 м. — Вилена Петрова, 2 м.- Сайаана Андросова, 3 м. — Маша Собакина. Улахан уолаттарга 1 м.- Дархан Собакин, 2 м. — Максим Владимиров, 3 м. — Вадим Говоров. Кыра уолаттарга 1 м. — Дорофей Иванов, 2 м. — Сайаан Алексеев, 3 м. — Максим Говоров.
ОФП: улахан кыргыттарга 1 м. — Алеся Николаева, 2м — Аня Николаева, 3 м. — Ангелина Кривошапкина. Кыра кыргыттарга 1 м. — Собакина Маша, 2 м. — Күннэйээнэ Кузьмина, 3 м. — Айсена Макарова. Улахан уолаттарга 1 м. — Маркел Николаев, 2 м — Дархан Собакин, 3 м. — Вадим Говоров. Кыра уолаттарга 1 м. — Дорофей Иванов, 2 м. — Дима Красильников, 3 м. — Мурат.Владимиров
Сыалы ытыыга: Муҥутуур кыайыылаахтар – Сайаана Борисова, Мурат Владимиров.
Хамаанданан миэстэлэр. Өрөгөй ырыатын толоруу: 1 м. — «Дьулуур», 2 м. — «Эрэл», 3 м. — «Эрчим». «Ийэ сирбитин харыстыаҕын!» плакат күрэҕэ: 1 м. — «Дьулуур», 2 м. — «Эрэл», 3 м. — «Эрчим».Тест «Первая помощь»: 1 м. — «Дьулуур», 2 м. — «Эрэл», 3 м. — «Эрчим».Тест «Звания»: 1 м. — «Эрчим», 2 м. — «Дьулуур», 3 м. — «Эрэл».
Сыал ытыыга: 1 м. — «Эрчим», 2 м. — «Эрэл», 3 м. — «Дьулуур».
«Смотр песни и строя»: 1 м. — «Эрчим», 2 м. — «Эрэл», 3 м. — «Дьулуур».
«Военизированная эстафета»: 1 м. — «Эрчим», 2 м. — «Дьулуур», 3 м. — «Эрэл».
Устав: 1 м. — «Эрчим», 2 м. — «Дьулуур», 3 м. — «Эрэл».
Канат тардыһыыта: 1 м. — «Дьулуур», 2 м. — «Эрчим», 3 м. — «Эрэл».
Уопсай түмүккэ»Эрчим» хамаанда бастакы миэстэ буолла. Иккис миэстэ -«Дьулуур», үһүс — «Эрэл» хамаандалар
Маша СОБАКИНА, VII кылаас,
П.М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолата, Мырыла, Чурапчы.