1918 сылга Бириэскэй эйэлэһии дуогабара түһэрсиллибитэ. Бу кэннэ омук сирин баай дьоно Россияҕа баар собуоттарга, баабырыкаларга, бырамыыссаланнаска бэйэлэрин үптэрин угарга көҥүл бэриллибитэ – инвестирование саҕаламмыта. Бу сыала-соруга диэн айгыраабыт хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэрии этэ.
1922 с. Генуэҕа буолбут конференцияҕа ССРС уонна Европа дойдуларын икки ардыгар экономика сайдыытын уонна үп-харчы эргиирин боппуруоһун тула быһаарсыы буолбута. Европа дойдулара ССРС туһаҕа тахса илик ресурсаларыгар болҕомтотун уурбута, оттон ССРС изоляция кэннэ аан дойду таһымыгар тахсарыгар биир хардыы оҥоһуллубута. ССРС-ка ааспыт үйэ 20-с сылларыгар 14 концессиональнай дуогабар түһэрсиллибит. Ол иһигэр Москватааҕы “Целлугал” баабырыка эмиэ. Баабырыка үлэһиттэрин араҥата араас этэ: оробуочайдар, сулууспалаахтар, крестьяннар, атыыһыттар, аҕабыыттар оҕолоро, дворяннар, приставтар. Концессия быраабылатынан 50% наймыламмыт үлэһит буолуон сөбө. Оттон олор бырааптарын араҥаччылыыр үлэ барбата. Бэл, коммунистары үлэҕэ ылбат буолуу көстүүтэ баара. Дьэ, ол иһин бу маннык баабырыкаларга, собуоттарга партийнай үлэ, бэйэ быраабын туһунан кэпсэтиилэр күүскэ ыытыллаллара.
Кыһыл Профессура институтун үөрэнэээччилэрэ араас тэрилтэлэргэ тиийэн партийнай үлэни ыыталлара. Ол курдук 1928 с. И.Н. Барахов бу институкка үөрэҕин саҕалаабыта. Үһүс кууруска биир бастыҥ истээччинэн сылдьыбыта. Кини хас да теоретическай дакылааттара улахан биһирэбили ылбыттара. Ону таһынан педагогическай быраактыка барара. Москваҕа “Целлугал” диэн маһы таҥастыыр баабырыкаҕа партийнай үлэни ыыппыта. Баартыйа үлэтин-хамнаһын, сыалын-соругун туһунан араас хабааннах лиэксийэлэрин үрдүктүк сыаналаабыттара.
Быһаарыы: Кыһыл Профессура института диэн БСКБ(б) Киин Кэмитиэтин анал үрдүкү үөрэҕэ, сүрүн сыала баартыйа идеологиятын каадырдарын, үрдүк үөрэх преподавателлэрин иитэн таһаартааһын.
Евдокия Семенова, И.Н. Барахов аатынан түмэл үлэһитэ.
Хаартыска Виктор Ли-Фу таҥыыта.
keskil14.ru