Улуу олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит, саха саарыннара түөлбэлээн төрөөбүт Ытык Таатта сиригэр ХVІІ Өрөспүүбүлэкээҕи педагогическай дьаарбаҥка бэркэ ааста. Саха сирин араас муннуктарыттан үүнэр көлүөнэни иитэр эйгэ үлэһиттэрэ биир түһүлгэҕэ түмсэн, бэйэ-бэйэни кытары алтыһан, киэҥ кэпсэтиигэ кытыннылар, баай уопут атастастылар.
А. Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйин коллектива директор Неустроев А. А. салайааччылаах итии чэйдээх, минньигэс астаах Мэҥэ-Хаҥалас улууһун дэлэгээссийэтин көрүстэ. Бастакы күн кэлбит ыалдьыттары айар тыл аҕата А. Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй уонна саха чулуу уола Былатыан Ойуунускай өйдөбүнньүк скверигэр сырытыннардылар. Андросова О. П. салайааччылаах литературнай «Умсулҕан» лааҕыр иитээччилэрэ киэн туттар биир дойдулаахтарын туһунан сырдаттылар.
Таатта – олоҥхо дойдута буоларын билиһиннэрэр сыаллаах олоҥхо киэһэтэ ыытылынна. Биэс түһүлгэнэн Цой Л. К. толоруутугар Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр», И. И. Иванов Каратаев В. «Модун эр соҕотох» олоҥхотун, Номоҕон Оруннаах Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Көһөңө — Ситим бөлөх» П. Решетников «Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай», Харайдановтар утум удьуор бөлөҕүнэн Егасова А. М. «Сыыдам сырыылаах, ахсым аттаах» олоҥхолору толорууларын истээччилэр сэргээтилэр.
Таатта дьоно-сэргэтэ саха норуота үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үтүө үгэһинэн, олоҥхо дьоро киэһэтин бэлэхтээн, Ийэ тыл умсулҕаныгар бигээн, маанылаан көрүстэ. Дьаарбаҥка иккис күнүгэр Таатта лиссиэйэ араас хайысханан, баай уопутун атастаһар сыаллаах түһүлгэлэри үлэлэттэ.
«Внедрение в систему образования современного технологического содержания» тиэмэнэн иккис түһүлгэни Таатта улууһун култууратын уонна духуобунаһын начальнига Вырдылин Г. Г. модератордаах Попова Я. И., Аргунова Л. П., Баланова П. С. иилээн-саҕалаан үлэлэттилэр. Түһүлгэҕэ иитэр-үөрэтэр эйгэлээх кластер үлэтигэр аныгы технологиялары киллэрии ураты ньымаларын билиһиннэрдилэр.
Кэпсэтиигэ уопсайа 26 педагог кыттан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыҥаан турар төрөөбүт төрүт тыл сыппааһынын туһунан кыһалҕаны таарыйдылар. Кыттааччылар бу балаһыанньаны туоратар сыалтан иитии дьиэ кэргэнтэн саҕаланыахтааҕын, дьиэ кэргэни кытары үлэ күүскэ барыахтааҕын тоһоҕолоотулар.
Үөрэх чааһыгар директоры солбуйааччы, к.п.н. Огоюкина С. И. «Теоретическое и эмпирическое обучение в естественно — научном образовании сельской школы» семинары ыытан улахан сэҥээриини ылла.
«Социальное взаимодействие населения как один из факторов духовно-нравственного воспитания подрастающего поколения» түһүлгэни Михайлова В. Ю, Сыромятникова А. Н., Тарасенко А. Ю., Попова Я. И., Сыромятникова С. С. салайан ыыттылар. Киэҥ эйгэни хабар сыаллаах, аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр ураты тиэмэлээх түһүлгэҕэ уонтан тахса педагог кыттыыны ылан санаа атастаста.
Таатта улууһун история, омук тылын учууталларын холбоһуга «Наставники-молодым» уонна «Тыыннаах тыл» түһүлгэлэри тэрийэн кыттааччылары сонурҕаттылар. Түһүлгэ «Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ» кластер үлэтин чэрчитинэн киэҥ эйгэни хабан, ситимнээх үлэни сырдаттылар. Бурнашова В. В., Сыромятникова С. С., Сыромятникова А. Н. көҕүлээһиннэринэн аҕам саастаах тумус туттар үтүө дьоммутун: Матаннанова М. Д., Санникова З. Л. уонна алгысчыт Унаров И. И. уо.д.а. ыалдьыттарга «История зарождения Татты» билиһиннэрдилэр. Итиэннэ практическай хабааннаах дебат оонньуу, ийэ тыл «Куолу» күрэҕэ үс тылынан үрдүк таһымнаахтык ыыттылынна.
Геннадий Петрович Решетников уонна Алексей Петрович Саввин сырдык кэриэстэригэр аналлаах истиҥ-иһирэх ахтыы киэһэтин Андросова О. П. тэрийэн ыытта. Ахтыы киэһэтэ А. П. Саввин кыыһа Нария Саввина толоруутугар тойугунан саҕаланна. «Умсулҕан» литературнай лааҕыр иитиллээччилэрэ биир дойдулаахтарын хоһооннорун ааҕан, кинилэр үтүө ааттара мэлдьи ааттана турарын бигэргэттилэр.
Политехпартнерство түһүлгэтигэр Андросова Л. И., Власова П. И. үрдүк таһымнаах маастар-кылаастары, Посельский А. С., Лопатин М. В. практическай ис хоһоонноох IT хакатон бырайыагынан үлэлэрэ, IT–Экспо анал быыстапката ыытыллынна.
Өрөспүүбүлүкэ иһинэн политехническэй үөрэхтээһини сайыннарар сыаллаах интэриэһинэй бырайыактар көрүлүннүлэр, сонун сүүрээннэри киллэрэн үлэлэһэр туһунан киэҥ кэпсэтии таҕыста. Кыттааччылар ыытыллыбыт тэрээһинтэн баай уопуту, үлэлэригэр туһалаах ньымалары ылынан, ураты көрүүлэри истэн, элбэҕи билэн астыннылар.
Лиссиэй нуучча тылын учууталларын холбоһуга сонун ньыманан «Пазлы грамотности» мини-чемпионат, «От понимания текста к успеху» бырайыгынан үлэни уонна І өрөспүүбүлүкэтээҕи «В созвездии А. С. Пушкина» куонкуруһу тэрийэн ыытыстылар. Түһүлгэ түмүктүүр үлэтигэр кыттааччылар, аныгы кэм сабыдыалынан, сытыытык турар таба суруйуу, саҥарыы намтаабыт кыһалҕатын ырытыһан, ыытыллыбыт үлэ технологиятын үрдүктүк сыаналаатылар.
Щукина Саргылаана «Увековечивание памяти воинов-таттинцев как реализация патриотических идей ДО «Таатта Кэскилэ» (сал. Попова Я. И., Миронов А. А.) волонтерскай хамсааһын хайысхатыгар биһирэнэн «Океан» лааҕырга барар путевканан наҕараадаланна, Маркова Кэрэчээнэ, Дорофеева Ариана «Комикс по сюжетам Олонхо» (сал. Баланова П. С.) бырайыактарынан эһиил комикс истиилинэн баннердары оҥорорго былаанныылларын экспертэр сэргээтилэр, Бочонина Уйгулаана «Ночь в музее», «Семейная бригада» төрөппүт кэмитиэтин салайааччыта Винокурова С. Н. көҕүлээһининэн уонна Попова Я. И., Варламова А. Д., Тарасенко А. Ю., Сыромятникова А. Н., Андросова О. П. кыттыгас бырайыактарынан «Организация event—туризма в Таттинском улусе» диэн олус интэриэһинэй үлэлэр көмүскэннилэр.
А. Е. Мординов аатын сүгэр Таатта лиссиэйин сонун бырайыага «От детских инициатив к социальным проектам» үлэтэ І үрдэл дипломунан, Таатта нэһилиэгин баһылыга Павлов Е. И. Гранын ылар чиэскэ тигистэ. «Социокультурный подход в развитии образования» хайысхаҕа Г. П. Андреев аатынан ІІІ үрдэл дипломунан наҕараадаланна. Бу ситиһии лиссиэй коллективын ситимнээх, таһаарылаах үлэтин үтүө түмүгүнэн буолла.
«Уран уустар» түһүлгэлэригэр технология учуутала КириллинаА. В. өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаҕа кыттыытын иһин хайҕал суругунан наҕараадаланна. Маһынан уһаныыга Лопатин В. В. ситиһиилээхтик кыттан иккис үрдэл диплому уонна мэтээлинэн наҕараадаланар чиэскэ тигистэ.
Бырайыак көмүскээһинигэр биология учуутала Захарова М. Д. «Проект школьной метеостанции», муусука учуутала Новгородова А. А. «Особенности звукозаписи вокалистов: организация студии звукозаписи», саха тылын уонна литературатын учуутала Андросова О. П. «Саха саарыннара», педагог-библиотекарь Павлова М. С. «Проектная работа «Тропинка роста для повышения престижности чтения» о.д.а. педагогтар үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрдилэр.
Педагогическай дьаарбаҥка үөрүүлээх аһыллыытыгар лиссиэй коллектива көхтөөхтүк кытынна. Улуус педагог-библиотекарьдарын холбоһугар «tattalib» пресс-кииҥҥэ үөрэх эйгэтин түмэр педагогическай дьаарбаҥка үлэтин сырдатар сыаллаах үлэлэстэ.
Таатта улууһугар ыытыллыбыт ХVІІ өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка ураты форматтаах, дириҥ ис хоһоонноох элбэх хайысхалаах түһүлгэни тэрийэн, киэҥ хабааннаах үлэни ыыппыта дьаарбаҥка таһымын үрдэттэ. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлбит ыалдьыттар үгүһү билэн, элбэххэ үөрэнэн, бииргэ алтыһан, санаа атастаһан, дуоһуйа астыннылар.
Ааптар: Педагогическай дьаарбаҥка пресс-киинэ