Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар, кутугар-сүрүгэр иҥэриннэҕинэ эрэ, тылбыт үйэлэргэ тыыннаах буолар кыахтанар. Харбалаахтааҕы үөрэҕирии холбоһуга (Харбалаах оскуолата уонна политехническай лиссиэйэ холбоспута) ааҕыыга-суруйууга улахан болҕомтону ууран үлэлиир.
“Дириҥ өй-санаа, ыллыктаах толкуй, истиҥ иэйии тылынан этиллэн, толкуйданан, айыллан тахсар эрэ буоллаҕына, төрөөбүт тылбыт сайдыа”, —диэн санаанан салайтаран уонна өр сыл үлэлээбит уопутугар тирэҕирэн, Валентина Семеновна Кривошапкина дьиэ кэргэн хаһыаттарын куонкуруһун тэрийэн ыытар буолбута уонча сыл буолла.
Бу тэрээһин иитэр-үөрэтэр эйгэҕэ дьиэ кэргэни кытыннарар сыаллаах-соруктаах.
Сылын аайы араас бэлиэ түгэннэргэ аналлаах тиэмэни биэрэн, ирдэбилин ыйан, күһүн үөрэх дьыла саҕаланыытыгар сорудах биэрэр. Ону дьиэ кэргэттэр үөрэх дьылын устата чинчийэн, матырыйаалы хомуйан, элбэҕи ааҕан-үөрэтэн, оҕолорун сүрүн күүс оҥостон, хаһыаты таһаараллар. Хаһыат сорудаҕар хайаан да оҕоҕо аналлаах айар хабааннаах сорудахтаах буолар.Үөрэх дьыла бүтүүтэ төрөппүт кэмитиэтэ хаһыат быыстапкатын тэрийэр, түмүк таһаарар.
Валентина Семеновна бу үлэтин туһунан сырдатан, Россия араас таһымнаах куонкурустарыгар кыттан, кыайыылаах аатын сүкпүтэ үлэ уопутун сэргииллэрин, сэҥээрэллэрин чаҕылхай туоһута буолар. Ааспыт үөрэх дьылыгар бу туһунан ыстатыйа Австрияҕа педагогическай научнай сурунаалга бэчээттэннэ.
Ирина Бястинова, нуучча тылын учуутала,
“Харбалаах кыымнара” пост салайааччыта.
Таатта.