Мин төрдүс кылаастан саҕалаан «Саһыл сыһыы уонна Абаҕа пионердарын хорсун быһыыта үйэлэргэ умнуллубат» диэн бырайыактаахпын. Төрөөбүт дойдум историятын үөрэтиини саҕалаабытым: араас таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттабын, өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэригэр уонна улахан дьоҥҥо ыйытынньык, тиэс ыытабын, К.Туйаарыскай аатынан Абаҕатааҕы библиотекаҕа сылдьан библиотекарь К.А.Карманова баай ис хоһоонноох матырыйаалын туһанан Абаҕа историятын үөрэтэбин, дьарыктанабын.
Бырайыагым чэрчитинэн, Абаҕа нэһилиэгэ төрүттэммитэ 250 сылыгар аналлаах быыстапканы көрдүбүт. Манна Саһыл сыһыы муустаах оборуонатын кэпсиир макет турбут. Бу туһунан экскурсовод Карманова Александра Никитична олус үчүгэйдик кэпсээтэ. Сашка пулеметчик (Петров Александр Федорович-Бодяга) байыаннай пуормата баар уонна «Максимка» пулемета баар. Кини Абаҕаҕа хаста да кэлэ сылдьыбытын, пионердары кытта көрсүбүтүн туһунан учууталбыт М.Д.Ноговицына кэпсээбитэ. Быыстапкаҕа сылдьан Сашка пулеметчик кэриэс суругун аахтыбыт. Сурук ис хоһооно сэриилэспит Саһыл сыһыы алааһыгар хараллыан баҕарарын туһунан эбит. Олохтоохтор хорсун саллаат кэриэһин толорбуттар.
Иван Яковлевич Строду уруһуйдаабыт хартыыналарын, И.Я.Строд А.Кармановка бэлэхтээбит сылабаарын, саахыматын сэргии көрдүбүт. Мин эһэм Скрябин В.С. гражданскай сэрии кэмигэр кыһыл хамандыыр К.К. Байкалов (Некундэ) аргыардаах Аммаҕа кэлэ сырыттаҕына, иккис кылааска үөрэнэ сылдьан, Амма өрүһү оҥочонон туоратан, Саһыл сыһыы алааска Д.С. Лонгиновка сирдээн илдьэн биэрбит. Байкалов үрдүк уҥуохтаах нуучча киһитэ эбит.
Маны сэргэ эһэм Скрябин Валерий Степанович 1980-с сылларга туристарга экскурсоводтаабыт, Абаҕа герой пионердарын сэриитин туһунан кэпсээтэ. Пионер сэриитигэр 10 пионер, 8 комсомолец, 6 хомуньуус кыттыбыта. Мин эһэм Борис Емельяновы, Михаил Уваровы, Иван Тылбыковы, Софрон Кутургуины, Василий Жиркову көрбүт, кинилэр кэпсээннэрин истибит. Борис Емельянов кэпсииринэн, окуопа оҥостубут киһи уҥуоҕун таастарыгар буулдьа кэлэн түһэн тэйэр, тааһы хоппот эбит. Михаил Уваров исполком дьиэтин диэки бандьыыттарга граната бырахпыта икки остуолба икки ардыгар түһэн остуолба мастара хайа барбыттарын сөҕөн кэпсиир эбит. Пионердартан саамай уһуннук олорбут Михаил Уваров буолар. Бу сэриигэ Абаҕа пионердара хорсун быһыыларын иһин Бойобуой Кыһыл знамянан наҕараадаламмыттар. Бу знамя олус учугэйдик оҥоһуллубут, 1968 сылтан Абаҕа кыраайы үөрэтэр музейгар хараллан турар.
Бу экскурсияҕа сылдьан мин Абаҕа нэһилиэгэр буолбут гражданскай сэриилэр историяларын билистим. Олус долгуйдум, хорсун быһыыларынан киэн тутуннум. Мин бырайыакпын өйөөн маннык экскурсияны тэрийбиттэригэр салайааччыбар М.Д.Ноговицынаҕа, экскурсовод А.Н.Кармановаҕа, эһэбэр В.С.Скрябиҥҥа, төрөппүттэрбэр дириҥник махтанабын.
Сардаана ДАВЫДОВА,
Амма лиссиэйин 7-б кылааһын үөрэнээччитэ.
Хаартыскаҕа: Саха гарнизонун саллааттара, ыам ыйа, 1917 сыл.