Саха классическай муусукатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, композитор, учуутал, бэртээхэй скрипач Грант Арамович Григорян (1919-1962) Саха сиригэр 9 сыл олорбута уонна олоҕун манна түмүктээбитэ.
Кини оҕо эрдэҕинэ кавказтар, славяннар, онтон аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, Кэриэй, Кытай, Монголия фольклордарын интэриэһиргээбит.
1948 сыллаахха Москваҕа РСФСР норуоттарын уус-уран самодеятельноһын көрүүтүгэр Устин Нохсоороп, Сергей Зверев олоҥхолорун, Лука Турнин хомуска оонньуурун кэрэхсии истибит. Сити кэмтэн саха фольклорун дириҥник үөрэтэргэ сананан, Москватааҕы консерваторияны бүтэрээт, Саха сиригэр кэлбит.
Биир дьиктитэ, кэлин “Бэлэм буол” (билиҥҥи “Кэскил”) хаһыат Бочуоттаах эрэдээктэрэ буолбут Нина Иннокентьевна Протопоповалыын Москваттан биир сөмөлүөтүнэн көтөн кэлбиттэр. Сэрии “Кыһыл Сулус” уордьаннаах саллаата Грант Григорян, Дьокуускайдааҕы муусукаалынай училищеҕа үлэлии-үлэлии, өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын кэрийбитинэн барбыт.
Инньэ гынан, олоҥхоһуттар толорууларын, норуот ырыаларын-тойуктарын нуотаҕа тиспит. Ол түмүгэр саха искусствотыгар элбэх ахсааннаах классическай муусуканы суруйбут үтүөлээх: “Дьол тааһа” балекка, “Хотугу сибэкки” опереттаҕа, “Лоокуут уонна Ньургуһун” операҕа, о.д.а. элбэх ырыаҕа.
Дьокуускайдааҕы муусукаалынай училищеҕа киниэхэ кэлин аатырбыт мелодистар Ольга Иванова, Тимофей Стручков, Денис Данилов уо.д.а. үөрэммиттэрэ.
Саха пианистарыгар анаан “Размышления на берегах Лены” уонна “Маленьким якутским музыкантам” диэн ааттаммыт 16 кылгас пьесаны суруйбута. Олортон бүтэһигэр тохтуохпут.
Оччолорго муусукаалынай оскуолаҕа үөрэнэр оҕоҕо аналлаах сахалыы тыыннаах айымньы суоҕа. Ол иһин оҕоҕо туһаайыллыбыт хомуурунньук тахсыбытыгар дьон былдьаһыгынан атыыласпыта. Онно киирбит хас биирдии айымньы тус-туһунан ааттаахтар: “Оһуокай”, “Саха үҥкүүтэ”, “Сахалыы матыып”, о.д.а. Хоту дойду кэрэ айылҕата “Эвенский танец”, “Рассказ маленького охотника”, “У больного олененка”, “У выздаравливающего олененка”, о.д.а. айымньыларыгар хоһуйуллар.
“Дьээ-буо!” тылларынан саҕаланар олоҥхону фортепианоҕа икки илиинэн оонньуурга анаммыт айымньыга кубулутар. Манна үрдүкү уонна намыһах куоластар киэҥник, чуордук дьүөрэлэһэн иһиллэллэр. Ол кэнниттэн самаан сайын кэлбитин уруйдуур-айхаллыыр “Ыһыахха” тэттик айымньы икки илиинэн оонньооһуҥҥа ала-чуо иһиллэр.
Аны “Рассказ маленького охотника” муусукатын ырытыаҕыҥ. Мүччүргэннээх сырыылаах кыра уол араас быһылааҥҥа түбэһэрэ долгутуулаахтык хоһуйуллар. Матыыба өрө-таҥнары түһүүлээх-тахсыылаах.
Бу айымньылар пианиноҕа саҥардыы үөрэнэн эрэр оҕоҕо тарбахтара клавиша устун имигэстик, сылбырҕатык сүүрэллэригэр, түргэн тэтимнээхтик оонньуурга көдьүүстээхтэр. Үөрэнээччигэ анаан, композитор хаҥас уонна уҥа илиини сайыннарарга анаммыт этюдтары суруйбута кэрэхсэбиллээх. Биири өйдүөх тустаахпыт, фортепианоҕа сатабыллаахтык оонньуур туһуттан хас күн аайы эрчиллиэххин, дьарыктаныаххын наада. Грант Григорян кыра эрдэҕиттэн фортепианоҕа оонньообут буолан, аччыгый саастаах оҕону үөрэтэргэ туох, ханнык ирдэбил туруохтааҕын чопчу билэр.
Кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр «Дьикти дьүрүскэҥҥэ» көрсүөххэ диэри!
Наталья САНЬЯХОВА.