Улуус-улуус аайы номоххо кирбит күүстээх дьоннор бааллар. Кинилэр тустарынан сэһэннэр умнуллубакка күн бүгүнүгэр диэри кэпсэнэллэр. Горнай улууһугар эмиэ киһи сөҕөр күүстээх дьоно олорон ааспыттара. Үүнэр ыччат куһаҕаан дьыллыгы батыспакка, кинилэр курдук күүстээх-уохтаах буоларга дьулуһуҥ.
Моруот Ньукулай уонна Аҥкыр Уйбаан
Маҥаны нэһилиэгэ
Моруот Ньукулай уонна Аҥкыр Уйбаан бииргэ төрөөбүттэр. Бэйэлэрин кыанар, бөҕө-таҕа көрүҥнээх сэниэ уолаттар эбит.
Биирдэ саас эрдэ улахан эһэ тахсан элбэх киһи балыктыыр күөлүн булан, дьону бултаппакка эрэйдээбиттэр. Куттала да бэрт буолбут. Дьон илимнээн, туулаан сааскы быйаҥтан туһаналларын мэһэйдээбит. Дьон Моруоттан “ити адьырҕаны бултаа” диэн көрдөспүттэр. Ону ылынан Моруот Ньукулай ол эһэни бултаһа барбыта. Тиийэн ойууртан сыарҕа сыҥааҕа буолар мастан арыый улахан маһы быһан, онтун баалкы курдук тутан, эһэҕэ утары барбыт. Онуоха эһэ утары сүүрэн кэлбитин төбөтүн сиигинэн биэрбит. Үчүгэйдик таппыт, эһэ мунна тыбыырбыт, эмэһэтэ тыаһаабыт. Тутан көрбүтэ эһэни төбөтүн үлтү охсон кэбиспит. Бу аарыма эһэни балтараа көстөөх сиргэ сынньаммакка бүтүннүү сүгэн аҕалбыт.
Аҥкыр Уйбаан эмиэ улахан күүстээх киһи убайыгар Моруот Уйбааҥҥа күлктэтэн биллибэтэх. Атын дьону барыларын тулуппата үһү. Атаҕынан убайынааҕар өссө ордуга үһү. Убайа Моруот 50-на буурдаабыт сиригэр 45-тэ буурдаан тиийэрэ үһү. Үйэлэригэр иккиэн оннук бэйэ-бэйэлэригэр холоһо оонньуулаахтар эбит.
***
Күүстээх Чолбон
Солоҕон нэһилиэгэ
Иннокентий Михайлович Дьяконов-Күүстээх Чолбон сахаҕа дэҥҥэ төрөөбүт үтүөкэннээх киһи. Кини уһулуччу күүстээҕин, сытар ынаҕы туруорбат, күөх оту тосту үктээбэт сытыары-сымнаҕас майгылааҕа. Күүстээх Чолбон Кытыл Дьураҕа куруус үлэтигэр сылдьыбыт. Борохуот тохтуур сиригэр кытыыга, 25 бууттаах, ол аата 400 киилэ ыйааһыннаах, үс салаалаах борохуот дьаакыра сытара. Олохтоохтор атын улуус дьонугар көтөхөрө сатыыр эбиттэр.
Арай биир сарсыарда көрбүттэрэ, дьаакырдара урукку сириттэн 20-чэ миэтэрэ ыраах сытар эбит. “Хайа, ити ким сыҕарытта” диэн туоһулаһыы бөҕөтҕ буолбуттар. Дьаакыры ким көтөхпүтµн туһунан Бүлүү Өргүөтһттэн төрүттээх Дордуус Хабырылла кэпсээбит. Күүстээх Чолбон кумахха сытар дьаакыры үҥкүрүҥнэтэн, сыҕарытан табыгастаах балаһыанньатыгар сытыаран баран, икки салбахтарыттан кытаахтаат, көтөҕөн таһаарбыт уонна иннин диэки дьулуруйбутунан барбыт. 20-чэ миэтэрэ курдук сиргэ мадьарытан тиэрдээт ыһыктан кэбиспит. Ити туһунан кини кимиэхэ да кэпсээбэтэх. Былыр күүстээх киһи кыаҕын аһаҕастык биллэрэртэн туттунара, сэрэнэрэ.
***
Күүстээх Дьөгүөр
Мытаах нэһилиэгэ
Егор Евсеевич Парфенов-Күүстээх Дьөгүөр тэтиэнэҕэ оҕо эрдэҕиттэн биллэн барбыта. Улаатан истэҕин аайы, чахчы кытаанах кытаҕастааҕын, бүдүрүйбэт сүһүөхтээҕме ким да саарбаҕалаабат буолбута. Оччолорго нэһилиэгин иһигэр тустууга, мас тардыһыытыгар Дьөгүөрү кытта тэҥнэһэн тутуһар киһи суох этэ.
Сиинэттэн Мытаах Боро 10 сатыы көс (100 км) сытар. Дьөгүөр түөртүүр чэйгэ туран баран, түүн ортото Борго кэлэрэ диэн кэпсииллэрэ. Оннук сылайбат сындааһыннаах эбит.
Күүһүн-кыаҕын дьоҥҥо-сэргэҕэ 1932 сыллаахха көрдөрбүт. Ити сыл сайыныгар борохуотунан Булуҥҥа үлэҕэ кэпсэтиһэн айаннаабыт. Быков Мыыска борохуоту мэґһйдээн ууга батары түһэн сытар сымара тааһы, сыыры өрө дабайан таһааран уурбута. Ити таас төһө ыйааһыннааҕа биллибэт. Уола, “Якутколхозпроект” институт үлэһитэ Савва Парфенов Быков Мыыска сылдьан, дьон “Дьөгүөр тааһа” диэн суруйбуттарын ааҕан, илэ хараҕынан көрөн, аҕата, чахчы, кыахтааҕын итэҕэйбитэ.
Бэлэмнээтэ Айна Жиркова, Семён уонна Софрон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинин научнай үлэһитэ, Бэрдьигэстээх, Горнай.
Худуоһунньук Елена Дьячковская.