Дьокуускайга ыытыллар Киинэ фестивала тугунан кэрэхсэбиллээҕий? Чаҕылхай киинэлэри таһынан, интэриэһинэй көрсүһүүлэринэн, кэрэхсэбиллээх кэпсэтиилэринэн. Колумбия режиссера Сиро Герралыын көрсүһүү фестиваль сүмэтэ диэтэххэ, омуннааһын суох. Кини аатырбыт суруйааччы Габриэль Гарсиа Маркес биир дойдулааҕа. Суруйааччыны кытары көрсүбүт күннэрин истиҥник, иһирэхтик ахтан ааста:
– Габриэль Гарсиа Маркес – киэн туттар биир дойдулаахпыт. Кинилиин биир түөлбэҕэ төрөөбүппүт ээ. Айылҕаттан айдарыылаах, дьоҕура бэрт буолан, ону бэйэтин түөлбэтин эрэ дьоно өйдүүллэрин курдук буолбакка, аан дойду араас муннугар олорор дьон сүрэхтэрин уйан кылын таарыйардыы талааннаахтык суруйбута, айымньылара барыта аан дойду литературатын сиэдэрэй симэхтэрэ. Кини айар үлэтэ биһигини умсугутар, улахан иэйиини күөдьүтэр. Тус бэйэм кини айымньыларыгар «иитиллэбин», кини айар тыынын сабыдыала миэхэ эмиэ биллэр диэн бэлиэтиибин.
Саамай сөбүлээбит,
умнубат премьерам
– «Объятия змея» мин үһүс үлэм буолар. Олохпор саамай сөбүлээбит, сөхпүт, умнубат премьерам. Тоҕо диэтэххэ, манна Колумбия төрүт олохтоохторун, Амазонка биистэрин олохторун устубутум. Карамакате диэн ойуун этноботаниктыын көрсүһүүтүн туһунан. Уопсайынан, биһиэхэ 50-тан тахса араас төрүт омук олорор. Киинэбитин сүрэхтиирбитигэр сүүсчэкэ киһи кэлэр ини дии санаабытым. Ону баара… түҥ джунглига киинэни көрөөрү, анаан-минээн, сорохтор икки күнү быһа айаннаан, ыраахтан-чугастан…2000 киһи мустубута! Олоппос тиийбэтэҕэ. Ол эрээри, ол мэһэй буолбатаҕа, киинэ бүтээтин кытары, «чэйиҥ, өссө биирдэ көрүөҕүҥ», диэн көрөөччүлэрбит көрдөһөн, бэйэлэрин тустарынан икки чаастаах киинэни хаттаан үөрэ-көтө көрбүттэрэ. Кинилэр үгүстэрэ экран, тиэхиникэ диэни олохторугар… аан маҥнай билсибиттэрэ. Бу киинэни устарбытыгар олохтоохтор кистэлэҥ кодпут арыллыбатын диэн, от-мас, үүнээйи дьиҥнээх аатын ааттыырбытын боппуттара.
Саха сиригэр
тиэмэ элбэх
– Мин Саха сиригэр олорорум буоллар, күндү таастар тустарынан киинэни устуом этэ. Бу наһаа интэриэһинэй уонна сэдэх тиэмэ дии саныыбын. Итиэннэ археология, палеонтология, табалар тустарынан устар кэрэхсэбиллээх. Эһиэхэ, Саха сиригэр, киинэни устарга сүүһүнэн төрүөт баар. Онон араас дойду, араас сыллар киинэлэрин, атын-атын жанрдары элбэхтэ көрүҥ.
Моҕотойу толорбута
Амма улууһун Чапчылҕан оскуолатын дириэктэрэ Дмитрий Давыдов устубут «Костер на ветру» киинэтэ тахсаат, соһуччутук, көһүппэтэх өттүттэн дьоллоох дьылҕаламмыта. Ол курдук, биир сыл иһигэр Чебоксарыга, тас дойдуларга араас фестивалларга ситиһиилээхтик кыттан, аны быйыл бэйэтин дойдутугар улахан билиниини ылла, «Кыһыл көмүс хаар ачыкыны» дьоһуннук тутта!
Киинэҕэ сүрүн оруолу – Моҕотой уолу оонньообут эһиги саастыылааххыт Радик-Кудай Захаров санаатын истиэҕиҥ:
– Мин Амма 2 №-дээх оскуолатыгар үөрэнэбин, 15 саастаахпын. «Костер на ветру» киинэҕэ 13 саастаахпар уһуллубутум. Дмитрий Давыдов Чапчылҕантан 2-3 оҕону сүүмэрдээри көрө сылдьыбыт этэ. Ол гынан баран, миигин көрөөт, тута талбыта. Киинэҕэ уһуллар ыарахан эбит дии саныыбын. Кыра сылдьан дьону үтүктэн көрдөрөр үгэстээх этим. Сөбүлүүр уруогум нуучча литературата. Соторутааҕыта иккис киинэбэр уһулуннум. Эмиэ кыһалҕалаах олохтоох уолу оонньоотум. Инникитин артыыс буолар баҕалаахпын.
«Кэрэл» – бастыҥ!
Быйыл кыһын тахсыбыт «Кэрэл» киинэ көрөөччүтүн эрэллээхтик булбута, сөбүлэппитэ. Биһиги хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр бу киинэ туһунан Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Катя Иванова санаатын үллэстэн суруйбута тахсыбыта.
«Кэрэл» чэпчэкитик, биир тыынынан көрүллэр. Фестиваль түмүгүнэн хас да номинацияҕа кыайыылааҕынан тахсан, айар бөлөх үөрүүтэ улахан. Сүрүн оруоллары толорбут Айталина Лавернова, Валентин Макаров «Бастыҥ актриса», «Бастыҥ актер» ааты ыллылар. Киинэ «Үрүҥ көмүс хаар ачыкыны» ылары ситистэ!
Режиссер, сүрүн оруолу оонньообут Валентин Макаров:
– Киинэбит ситиһиилэнэн, олус үөрдүм. Бүгүн үөрүүлээх сонун кэллэ: «Кэрэл» Анапаҕа ыытыллыбыт куонкуруска Гран прини ылары ситистэ. Бу Саха сирин киинэтин үрдүк ситиһиитэ дии саныыбын. Түгэнинэн туһанан, Арктикатааҕы култуура, искусство институтугар үөрэппит уһуйааччыларым Ефим Степановка, Андрей Борисовка, Герасим Васильевка, Степанида Борисоваҕа барҕа махталбын биллэрэбин.
Мөкү өттүнэн
Францияттан, Европа сайдыылаах сириттэн, киинэни устууга төрүт үгэстээх дойдуттан Франция-Россия-Монголия-Индия кыттыгастаах «Кочевое детство» диэн киһи болҕомтотун тардар ааттаах, көс омуктары сырдатар, билиһиннэрэр киинэни көрүөн баҕалаах элбэх этэ. Бу күһүн биир идэлээхпин кытары ити киинэни продюсер Эмили Май «Лена» киинэ тыйаатырыгар көрдөрө аҕалбытыгар, билиэт суох буолан, төттөрү төннүбүппүт. Биһиэхэ киинэҕэ сылдьары сөбүлүүрбүт бэрт буолан, билиэт ити курдук соһуччу бүтэрэ улахан сонун буолбатах. Биир өттүнэн, «Кочевое детство» Саха сирин биир кэрэ айылҕалаах сиригэр Муомаҕа уһуллубута билиэт бүтэ охсубутугар оруолу оонньообута саарбаҕа суох.
Ону баара, дьоллоох ааттаах киинэбит омсолоох өттө баһыйар буолан хаалан, Саха сирин сорох олохтоохторун улахан хомотто. Биир бэйэм оҕоҕо сыһыан хаҕыстык, аанньа ахтыллыбаттык, аан дойдуну биир гына итинник көстүбүтүн бэрт диэбэтим. Кыракый оҕону ийэтэ ыраах айаҥҥа аттанаары…кытаайыскай суумкаҕа уган кэбиһэр. Ким баҕарар, манна кэлэн, талбытынан, тугу таптаабытын устара сыыһа дии саныыбын. Биһиги Францияҕа тиийэн тугу баҕарбыппытын устан аҕалан, манна көрдөрөрбүт, тарҕатарбыт сатаммат, табыллыбат ини?
Я.Д.Поскачина, Үөрэх министиэристибэтин иһинэн «Юные якутяне» киин информационнай салаатын методиһа:
—Эмили Май «Кочевое детство» киинэтэ улаханнык хомотто, кэлэттэ. Саха дьоно оҕоҕо ити киинэҕэ көстөрүн курдук, тыйыстык, дьэбирдик сыһыаннаспат ини. Онон киинэ улахан, дириҥ толкуйа суох уһуллубута көстөр. Монголлар бу киинэҕэ эмиэ мөкү өттүнэн көһүннүлэр.
—Францияҕа, эмиэ Саха сиригэр курдук, киинэни устар ыарахаттардаах. Бу киинэни тэлэбиисэргэ көрдөрбүттэрэ. Режиссер Кристоф Була фантазията буоллаҕа, онуоха мин хайдах да дьайар кыаҕым суох. Сахалар тустарынан сюжекка туох да куһаҕан баарын көрбөппүн. Саха сиригэр кэргэнэ суох оҕолонуу баар көстүү, ол иһин итинник устубуппут,—диэн, киинэни ырытар күҥҥэ Эмили Май хоруйдаата.
Киинэ Монреальга, Варшаваҕа, Барселонаҕа, Калгарига ыытыллыбыт фестивалларга кыттыбыт. Сири сиксигинэн кэрийбит. Төһө харчыны, үбү, барыһы аҕалбытын биһиги билбэппит…
Оттон бу киинэни билиһиннэрэ аҕалбыт ыалдьыкка улахан махталлаах көрөөччүлэр биһиги ортобутугар эмиэ бааллара. Туохтан үөрэбит? Талбыттарынан устубуттарын иһин дуо? «Не видим здесь никакой трагедии»,—диэбиттэрэ. Омук быһыытынан дьоһуммут ханнаный? Туохха барытыгар сөбүлэһэ, тоҥхоҥнуу сылдьабыт дуо?
Ону баара, былырыын күһүн бу киинэ «Лена»-ҕа сүрэхтэммитигэр, саалаҕа баар монголлар…өһүргэнэн тахсан барбыт түгэннэрэ эмиэ баар. Онон «любительскай» таһымҥа уһуллубут киинэлэри фестивальга көрдөрүү маннык улахан тэрээһини сыппатар, ону тэрийээччилэр үчүгэйдик сыныйан учуоттуохтарын, болҕойуохтарын наада эбит. Франция киэнэ буолла эрэ, сиэдэрэй буолбат ини?
Жанна ЛЕОНТЬЕВА бэлэмнээтэ.
А. Сергеев түһэриилэрэ.