Бэйэ дьыалатын тэрийии – уустук уонна сэрэхтээх: элбэх эрэйи, сыраны-сылбаны, эккирэтиһиини, сүүрүүнү-көтүүнү эрэйэр. Оттон түмүгэ хайдах-туох буолара биллибэт. Ааспыт нэдиэлэҕэ Эргиэн Кэскилэ бырайыак ааптара Семен Посельскай Таатта уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун оҕолорун оҥорон таһаарыыларын көрдө-иһиттэ.
Биһиги YouTube каналбытыгар Эргиэн Кэскилэ бэртээхэй рубрика аанын тэлэччи аста. Нам улууһуттан саҕалаан оскуола үөрэнээччилэрэ туох-хайдах дьыала тэринэн, бизнес оҥостон үлэлии-хамсыы сылдьалларын Семен Посельскай саас сааһынан кэпсиир, көрдөрөр. Бу сырыыга кини Таатта уонна Мэҥэ Хаҥалас Найахытыгар ыалдьыттаата.
Талах курдаах таатталар 4-с улуустааҕы «Эргиэн» оонньууларын туһунан бу видеороликка көрүҥ. Кыайыылаахтар улуус чиэһин республикатааҕы күрэххэ көмүскүөхтэрэ.
Өскөтүн эн сыта-тура бэйэ дьыалатын тэриммит киһи диэн толкуйдуур буоллаххына, биһиги «инструкциябытын» аах уонна туһан.
Аан маҥнай эйиэхэ баар буолуохтаах – идея. Тугу тэрийиэххин баҕараҕын? Өҥө оҥоруу – саамай кэбэҕэс уонна эрэллээх. Өҥөҕө хаһан баҕарар наадыйаллар, ол аата эн хармааҥҥар харчы хайаан да уйаланыа, дьыалаҥ умайыа суоҕа уонна үлэҕин сайыннаран истэҕин аайы, дьыалаҥ табыллан иһиэ. Оҥорон таһаарыы – биллэн турар, саамай ордук эрээри, элбэх үбү-харчыны эрэйэр. Үчүгэй идеялаах бизнес хайаан да табыллыа, тахсыылаах буолуо. Быһатын эттэххэ, бизнескэ ситиһииҥ 80% идеяттан тутулуктаах.
Дьэ, аны эйиэхэ бизнес-былаан наада. Инвестор, кредит биэрээччи эн былаанын төһө оруннааҕын көрүө. Билигин дьарыктаах буолуу Киинин уонна социальнай управление чэрчилэринэн саҥа саҕалыыр предпринимателлэргэ көмө харчы (субсидия, грант) көрүллэр. Маныаха хайаан да бизнес-былаан суруйан көмүскүөхтээххин. Бэйэҥ дьыалаҕын тэрийэргэр эйиэхэ туох-туох нааданый, дохуотун төһө буолуой, төһө барыс киириэй? Ороскуоккун сиһилии аах, суоттаа, уонна ылыахтаах барыскын билгэлээн көр. Өскөтө дохуоккунааҕар ороскуотун баһыйар үгүс буоллаҕына, дьыалаҕын онуоха-маныаха дылы арыйбатын ордук.
Идеяҥ баар, бизнес-былааҥҥын суруйдун, аны билигин хантан харчы ылан маҥнайгы инвестицияҕын оҥоруоххун толкуйдаа. Үөһэ этиллибитин курдук, субсидия, грант ылыаххын сөп, эбэтэр инвесторда көрдөөн көр. Атаҕар турбут улахан бизнестээх киһи уулуссаттан кэлбит билбэт киһитигэр итэҕэйэн харчы биэриэ дуо? Ол эрээри сүүс аан тоҥсуйбуттарыттан барыта сабыылаах буолан баран, сүүс биирис ааннара аһыллан кэлэр түбэлтэлэрэ бааллар. Баҕар эн «с нуля» саҕалыаххын сөп буолаарай? Холобур, аар-саарга аатырбыт «Харли&Дэвидсон» хампаанньа историята икки доҕордуулар бөхтөн-сыыстан хомуйан маҥнайгы матассыыкылларын атыылаабыттарыттан саҕаланар. Харлилаах Дэвидсон ити «айымньыларын» атыылыхтарын иннинэ үөннэнэннэр сарайдарын үрдүгэр хаптаһыҥҥа «Харли энд Дэвидсон Мотор Компани» диэн сурук ыйаабыттар. Ол кэннэ аны икки «драндулет» хомуйан атыылаабыттар. Онтон салгыы туох буолбутун бэйэҥ да сэрэйэриҥ буолуо.
Үс хардыыгын этэҥҥэ оҥорбут буоллаххына, билигин налоговай инспекцияҕа бараҕын – предприниматель быһыытынан учуокка туруохтааххын. Ол эрээри Семен Посельскай оскуола бизнес-инкубатордарын резиденнэрэ официальнайдык ИП эбэтэр ООО тэринэллэрэ сэрэхтээх диир. Оҕолор бастаан көннөрү холонон көрөллөрө ордук. Таатталар хайдах дьаһанан олороллорун билсиэҕиҥ.
Аны салгыы үлэһиттэргин булан миэстэлэригэр туруоруу кэлэр. Дьэ, манна эмиэ уустуктары көрсүөҥ. Үлүбээй үлэһит ылан баран кэнники толкуйдаабытын, отой сыыһа дьаһаммыккын өйдөөн кэлиэҥ. Онон кэлин кэмсиммэт гына эрэллээх дьону ыла сатаа. Хамаандан улахан «хараабылга» устан барыан иннинэ (бизнеһин бастакы этабыгар) сатаан үлэлиэ суох диэбит киһигин кытылга эрдэ-сылла хааллар.
Реклама – сайдыыны түстүүр мотуор диэн мээнэҕэ эппэттэр. Эйиэхэ аҥардас «этэрбэс араадьыйата» улаханы быһаарбат. Реклама бары көрүҥнэрин сыымайдаан баран, саамай көдьүүстээхтэрин тал. Билигин дьон үксэ WhatsAp, Instagram социальнай ситимнэргэ олорор. Үчүгэй пост, видеоролик, хаартыскалаах ааҕыллымтыа текст оҥоруунан эрэ муҥурдаммакка, араас быыстапкаларга, аахсыйаларга кыттар ордук. Дегустация оҥоруохха эмиэ сөп.
Найахы орто оскуолатын үлэ учуутала Наталья Охлопкова оҕолорго табаары оҥорон таһаарыы үөрүйэхтэрин иҥэрэр. Оҕолор быйыл бэртээхэй саҥа бородууксуйа оҥорбуттар: сублимированнай собо миинэ, дөлүһүөннээх кучу чэй, ньээм сибэккиттэн мүөт. Көрүҥ, сэргээҥ, биһиги Keskil Медиа каналбытыгар суруйтарыҥ, лайкта туруоруҥ!
Өскөтүн эн предпринимателсьтвонан дьарыктаныаххын баҕарар буоллаххына, Эргиэнниин хайаан да эҥэрдэс. Бэйэҥ саастыылаахтарын уопуттарын үөрэт, наадалаах дьоҥҥун кытта куомуннас, хамаандата тэрин. Бастаан утаа син биир ыарахаттары көрсүөҥ, ол биллэр. Үгүстэр маҥнайгы хардыыларын оҥорон баран, өр-өтөр буолбакка, «бизнестээн» бүтэн хаалааччылар. Оттон оннооҕор улуу Москва биирдэ тутуллубатаҕа эбээт. Тулуур, дьулуур уонна күүстээх санаа ханнык да ыарахаттары уонна кучумэҕэйдэри туоратан ситиһиигэ хайаан да сирдээн илдьиэхтэрэ. Онон ыарахаттартан чаҕыйыма, туохтан да иҥнэн-толлон турбакка, иннин хоту баран ис. Соргулаах буол!
Ааптар: Cардаана Эверестова