Эргиэн сообщество салайааччыта, бырайыак ааптара Семен Посельскай предпринимателлэргэ сыһыаннаан «урбаан» диэн тылы туттары сөбүлээбэт. «Былыр-былыргыттан атыыһыттары, баайдары эргиэмсиктэр диэн ааттыыллара. Кини этэринэн, бу дьиҥнээх саха тыла, атыы-кутуу, кэмиэрсийэ диэн буолбакка, «оборот» диэн суолталаах», — диир. Семен Саха сирин оҕолоругар эргиэн суолтатын быһаарар, ис эйгэтин толору арыйар санааттан үөрэтэр куурустары, бизнес-оонньуулары, араас күрэхтэһиилэри тэрийэр. Ол сылдьан предпринимательствонан дьарыктанар оҕолор тустарынан сырдатар.
Урут оскуола оҕоллоругар бизнес эйгэтин туһунан кэпсээн бэрт тутах буолара. Эгэ үөрэнээччилэргэ бизнес оҥорор усулуобуйа тэриллиэ дуо? Билигин элбэх оскуола иһинэн бизнес-инкубатор арыллан үлэлиир. Оҕолор бородууксуйа, араас өҥө оҥорон харчы эргитэргэ холоноллор.
Бизнес — ылбычча судургу салаа буолбатах. Манна мындыр толкуй, булугас өй, дьону кытта сатаан уопсай тыл булан үлэлиир, айар-тутар дьоҕур ирдэнэр. Онуоха эбии эргиэҥҥэ сыһыаннаах сокуону, нолуок систиэмэтин үчүгэйдик билии улахан суолталаах.
Оҕо хас сааһыттан предприниматель буолуон сөбүй? Сокуонунан свидетельство ылан, нолуок төлөөн, дьоҕус бизнескэ үктэнэрий? Манна элбэх мөккүһүү тахса сылдьыбыттаах. Сорохтор 18-тан дииллэр, сорохтор пааспар ылла даҕаны дьыала арыйар кыахтанар дииллэр. Дьиҥинэн, оҕо 14 сааһыттан предприниматель буолар кыахтанар. Бизнеһын сокуон быһыытынан регистрациялыыр бырааптаах.
Ол эрээри Семен Посельскай оҕолорго тиэтэйбэттэригэр сүбэлиир. Бу дьыала ис-иһигэр киирдэххэ ымпыга-чымпыга элбэх. «Оҕону бэйэтин кыаҕын көрөн, эргиэн эйгэтигэр аа-дьуо киллэрэр ордук. Холобура, бастаан оскуола иһинэн, онтон түөлбэҕэ, нэһилиэккэ бородууксуйатын батарыан сөп», — диир кини. Билигин «Эргинэ кэскилэ» бырайыак ааптара улуустарга бизнес-оонньуу ыыта сылдьар. Бастакы кһрэхтэһии Нам улууһун I Хомустааҕар ааспыта.
I Хомустаах — урут уруккуттан Нам улууһугар дьоҕус бизнес сайдыбыт бөһүөлэгэ. Куораттан да, улуус кииниттэн да чугас буолан, манна ордук таһаҕас тиэйии, такси өҥөтүн оҥорооччу ордук элбэх. «Аартык» диэн маҕаһыын табаара соҕурууттан быһаччы кэлэр буолан, Дьокуускайдааҕар да сыаната удамыр. Оннооҕор куорат дьоно ааһан иһэн мантан дьиэ малын, миэбэл ылан ааһаллар. Хомустаах оскуолатыгар үөрэнээччилэр бизнес-инкубатордара хорутуулаахтык үлэлиир. Семен этэрин курдук, ырыынактарын аа-дьуо кэҥэтэллэр: бастаан оскуола иһиттэн саҕалаан, кэлин улуус маҕаһыыннарыгар тахсыбыттар.
Оскуола салалтата оҕолорго усулуобуйа бөҕө оҥорбут. Кыраһыабай көстүүлээх витринаттан саҕалаан обордуование, инвентарь ылан, туспа хос биэрбит. Онон эдэр эргиэмсиктэр үөрүүлэрэ үгүс. Харчы амтанын билбит оҕолор дьыалаларын кэҥэтэн, ыырдара ырааппыт.
Оҕолор «Эргиэн кэскилэ» бырайыак оонньуутун түмүктээн, билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтэн, уопут атастаһан, саҥа доҕоттордонон тарҕастылар. Түмүккэ бастакы миэстэни Хамаҕатта саха-французскай оскуола, иккиһи — Хатыҥ-Арыы орто оскуолата уонна үсүһү Нам иккис нүөмэрдээх оскуолата ыллылар. Салгыы бизнес-оонньуу Таатта улууһугар ыытылынна. Ол туһунан аныгыскыга кэпсиэхпит.
Бэйэ инф.