Оруолларга:
Байбал – саастаах киһи;
Ваня, Света, Аня – оскуола оҕолоро;
Куһаҕан тыын.
БАСТАКЫ көстүү
Улаатан эрэр икки кыыс, биир уол походтуу сылдьаллар. Халдьаайыга турар киһи уҥуохтарын көрө тиийэн кэлэллэр. Биир обургу тимир кириэс эргитии мас үрдүгэр туора түһэн сытар. Ваня сүүрэн кэлэн, кириэһи туура тардан ылар…
Ваня: Оо, бу мин сыаналааҕы буллум (көрөр). Арааһа, көмүстээх быһыылаах, ыарахана сүрдээх. Уулларан көмүһүн ылыам, харчы бөҕөлөнүөм…
Света: Ваня, хайдах буоллуҥ? Тыытыма, төттөрү уур. Өлбүт киһи кириэһэ дии… Аньыы. Ыл, Ваня, уур.
Ваня: Манна таах сытыа дуо? Мин, мин… маны оскуола мусуойугар илдьэн биэриэм…
Аня: Сымыйанан саҥарыма, бэйэҥ ылаары гынаҕын дии.
Ваня: Мин, мин, кырдьык этэбин.
Аня: Кырдьык этэҕин дуо? Оччоҕо, баҕар, син буолуо… Галина Николаевна, хата, үөрүөҕэ.
Света: Суох-суох, тыытыма. Сатаммат!
(Ваня ылан хоонньугар уктар).
Света: Ваня, хайдах буоллуҥ? Ыл, оннугар уур, аньыы!
Ваня: (үтүктэр): Аньыы, аньыы. Эһиги тылгыт барыта аньыы да абааһы. Ханна баалларый ол абааһыларгыт? Түксү, өйдөөҕүмсүйүмэҥ! Мин бу тимир кириэс аайы туох да буолуом суоҕа!
Света: Наһаа акаары уолгун дии, дьоҥҥор этиэҕим! Галина Николаевна: “Эргэ өтөхтөртөн, киһи уҥуохтарыттан ону-маны ылымаҥ, тыытымаҥ”, – диэн наар этэр дии.
Аня: Оннук. Ваня, уур, сыттын.
Света: Оҕолоор, ардах түһэн эрэр, түргэнник ханна эрэ баран, саһа охсуоҕуҥ.
(Ол-бу диэки көрөллөр).
Ваня: Кырдьык, түһэн эрэр дии? Кыргытта-ар, оол өтөх турар, онно барыаҕыҥ. Чэ-чэ, түргэнник!
(Оҕолор сүүрэ тураллар. Аҕылаһан, айманан, өтөххө сүүрэн кэлэллэр. Арай биир сааһырбыт киһи кыраабыл тиистии олорор. Оҕолор дорооболоһоллор).
Света: Хайа, Байбал олорор эбиккин дии. Аата үчүгэйин.
Байбал: Ээ, бу өтөх эргин оттуу сылдьабын. Оттон эһиги тугу гына сылдьар оҕолоргутуй?
Аня: Ээ-э, ээ, биһиги оттон…
Ваня (быһа түһэн): Биһиги отоннуу сылдьабыт.
(Байбал көрүтэлиир).
Ваня: Иһиттэрбитин аара кистээбиппит, таҥаһынан саппыппыт…
Света: Ардах сэллээтэҕинэ барыахпыт.
Аня: Оннук, дьоммут аны сүтүктүү сылдьыахтара.
Байбал: Утаппыккыт буолуо, уу иһэҕит дуо?
Оҕолор: Иһэн, иһэн…
Остуолтан чугас кэлэн олороллор. Ваня, баран иһэн, кириэһин сиргэ түһэрэр. Ону Байбал көрөн ылар.
Байбал: Хайа, бу тугуй? Маны хантан ыллыгыт, хайаҕыт ылла?
Кыргыттар Ваня диэки көрөллөр. Онуоха киһилэрэ мух-мах буолар.
Ваня: Ити мин сиргэ сытарын ылбытым…
Света: Сымыйата, халдьаайыга турар киһи уҥуоҕун кириэһин ылбыта.
Аня: Биһиги ылыма диэн этэ сатаабыппыт да истибэтэҕэ.
Ваня: Мин, мин… мусуойга биэрээри…
(Байбал кириэһи эргитэ-эргитэ көрөр).
Байбал: Кириэс… эмиэ кириэс… Айдааннаах да кириэс… иэстэбиллээх кириэс…
(Оҕолор куттана түһэллэр).
Света: Байба-ал, тугу-тугу этэҕин? Туох иэстэбилэй?
Байбал (уолу көрө-көрө): Ноо! Эн улахан аньыыны оҥорбуккун, эйигин дьонуҥ, учууталларыҥ үөрэппэттэр дуо? Киһи уҥуохтарын кэрийимэҥ, эргэ өтөхтөртөн ол-бу былыргы сээкэйдэри ылымаҥ диэн? Былыр биһиги дьоммут киһи уҥуохтарын оннооҕор ыйары сөбүлээбэттэрэ, аньыыргыыллар этэ. Эһиги билэҕит дуо, онно кимнээх көмүллэ сыталларын?
Оҕолор: Суох-суох, билбэппит…
(Бүтүүтэ
бэчээттэниэ).
В.В. БУРНАШЕВ,
Москватааҕы М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище 1974 с. выпускнига.
Хомустаах,
Уус Алдан.