Быйыл Сахабыт сиригэр Үлэ сыла түмүктэнэн эрэр. «Үлэ киһини киэргэтэр» диэн мээнэ тыл буолбатах. Ким үлэлиир — ол аһыыр, үлэһит киһи хаһан да, ханна да өлөн-охтон биэрбэт, үлэһит киһи үүнэр-сайдар эрэ тускуллаах буоларын таһынан, үлэтин таптыыр киһи дьоллоох буолар, оттон дьол ханнык баҕарар киһини киэргэтэр.
Мин тапталлаах эһэм Игорь Иванович Иванов сырдык бэйэтин ахтан, сырдатан суруйуохпун баҕардым. Кини Ньурба улууһугар Чуукаар нэһилиэгэр алта оҕолоох ыалга бастакы уол оҕонон күн сирин көрбүт. Оҕо сааһын ферма кырдалыгар оонньоон-көрүлээн аһарбыт, оскуолаҕа үөрэнэ киирэ да илигиттэн кинигэ доҕордоох буолан, ийэтин көрдөһөн, «Хотугу сулус» сурунаалы аахтаран истэрин сөбүлүүр, эдэр эрдэҕиттэн элэккэй майгылаах, куруук үөрэ-көтө сылдьар, бэйэтин тула дьону тардар дьоҕурдаах эбит. 1989 сыллаахха дойдутугар кулуупка худруктуу сылдьан, Дьокуускайдааҕы культурнай сырдатар училищеҕа үөрэххэ киирбит.
1991 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, эбэбин, Солоҕон кэрэ кыыһын кытта ыал буолан, Горнай улууһун уһук нэһилиэгэр көһөн кэлбит. Манна Сынньалаҥ дьиэтин дириэктэринэн үлэтин саҕалаабыт. Кэнники 25 сыл устата уус-уран салайааччынан эҥкилэ суох үлэлээбитин үгүс дьон ахтарын киэн тутта истээччибин. Кини кэнсиэрдэри, парааттары, түмсүүлэри иилээн-саҕалаан ыытарын, алгыс этэрин сылдьыбыт эрэ барыта сэргиир-астынар эбит. Солоҕоҥҥо 50-ча ыал уруутун үөрүүлээх күнүн сиэрин ыыппыт. Кэпсэтии жанрыгар олус талааннаах, сыаҥкаларга оонньуур, ырыа да ыллыыр буолан, Солоҕоттор эһэбин олус хайгыылларын эбэм кэпсиирин боҕойон истээччибин. Бу кэмнэргэ “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” кыра тыйаатырга кыттыһан, араас күрэстэргэ кыттан, дьон-сэргэ биһирэбилигэр сылдьаллара. Эһэм 1995 сыллаахха «Солоҕон бэтиэхэлэрин» тэрийэн, эдэр ыччаты, оҕолору үөрэтэн, араас сыаҥкалары оонньууллара, гостуруоллууллара.
Эһэм Игорь Иванович талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик, ис сүрэҕиттэн кыһаллан, дууһатын ууран үлэлиирэ. Тустаах үлэтин таһынан уопсастыбаннай үлэни сөпкө дьүөрэлиирэ: быыбар хамыыһыйатын солбуллубат бэрэссэдээтэлэ буолара. Нэһилиэгэр, улууска ыытыллар ханнык да дьаһал, тэрээһин кини кыттыыта суох барбата: «Хас ыһыаҕы, кэнсиэри, сыбаайбаны, үбүлүөйү салайан ыыппыта буолла», — диэччи эбэм…
Ону туоһулуур элбэх Махтал суруктаах, грамоталаах, дипломнаах. Эһэм «Солоҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо», «Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна», СӨ норуодунай артыыската Р.Я. Захарова аатынан фонда «СӨ норуотун уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайыттара.
Мин эһэбинэн киэн туттабын. Кини идэтин сөпкө таба тайанан талбыт буолан, итинник элбэх ситиһиилээх. Үлэһит киһи мэлдьи бочуокка сылдьар, атын дьоҥҥо үлэ үөрүүтүн көрдөрөр холобур буолар. Мин санаабар, үлэтин сөпкө талбыт уонна таптыыр эрэ киһи бириэмэни аахпакка, сүрэҕэлдьээбэккэ үлэлиир уонна ол түмүгэр тулалыыр дьонун хайҕалын, махталын ылар. Дьон хайҕалыттан, махталыттан сылайбыта ааһан, салгыы эмиэ күүскэ үлэлиир. Ити курдук, үлэ дьоло киһини кынаттыыр, дойдуну суон сурахтыыр, кэрэ кэскиллиир. Мин эһэм кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕо, үлэтэ-хамнаһа — улууспут киэн туттуута!
Киһи олох олорорун устата үлэлиир. Үлэҕэ сыһыаннаах, үлэни өйдүүр, үлэни өрө тутар буоллахпытына төрөөбүт дойдубутугар, дьоммутугар-сэргэбитигэр туһалаах дьон буола улаатыахтаахпыт. Өйтөн суруйуубун улууспут киэн туттар норуодунай поэтын Семен Данилов хоһоонуттан быһа тардыынан түмүктүөм:
Үлэ — олох ис хоһооно,
Үлэтэ суох олох суох.
Үлэ диэн дьол доҕуһуола,
Үлэтэ суох дьол да суох.
Намыына Охлопкова, С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччитэ.
Хаартыскалар: дьиэ кэргэн альбомуттан.
Салайааччы: Туйара Александровна Тарасова,
төрөөбүт тыл, литература учуутала.
keskil14.ru