В.В. Путин туһунан элбэх кинигэ сурулунна. Өссө да суруллуо турдаҕа. 2016 сыллаахха оннооҕор мин, Саха сиригэр олорон, кини туһунан суруйан турабын. Ким да: «Куһаҕан», – диэн этэ илик. Оттон Дмитрий Анатольевич Медведев туһунан тоҕо суруйуо суохтаахпытый? Мин Д.А. Медведеви хайгыыр да, сэмэлиир да санаам суох. Политолог буоларбынан, политиканан да дьарыктаммыппынан, ырытааччы уонна сыаналааччы (эксперт) да быһыытынан, бэйэм санаабын этиэхпин сөп.
Россия Бырабыыталыстыбатын салайыы манан дьыала буолбатах. Сэбиэскэй кэмҥэ бастакы Бырабыыталыстыбаны В.И. Ленин салайбыта. Кини бу үлэҕэ олох уопута суох этэ. Ол да буоллар, улуу политик быһыытынан, ханнык боппуруостар быһаарыллыахтаахтарын эрдэттэн ырытан билэрэ. 1917 с. “Судаарыстыба уонна өрөбөлүүссүйэ” диэн кинигэни суруйбута. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн “Сэбиэскэй былаас уочараттаах соруктара” диэн брошюраны бэчээттэппитэ. Онон теоретическай, өй-санаа өттүнэн улахан бэлэмнээх этэ.
Итини тэҥэ кини Совнарком чилиэннэринэн чахчы дьоҕурдаах, үөрэхтээх, талааннаах, Сэбиэскэй былааска бэриниилээх дьону булан анаабыта. Кини дьыалатын, билигин төһө да буруйдуулларын иһин, И.В. Сталин тиһэҕэр тириэрдибитэ. Кини барытын “үрүҥ” лиистэн саҕалаабатаҕа эбээт. Онон кинилэр сайдыылаах, күүстээх-уохтаах сэбиэскэй дойдуну сүһүөҕэр туруорбуттара.
Д.А. Медведев атын үйэҕэ дойду ситэриилээх былааһын салайбыта. Кини бииринэн, В.В. Путин салалтатынан үлэлээбитэ. Иккиһинэн, былаас атын үрдүкү уорганнара көмөлөспүттэрэ. Ол да буоллар, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин үрдүкү дуоһунаһыгар сатабыллааҕын уонна дьоҕурдааҕын көрдөрдө.
Ону ханнык чахчыларга олоҕуран мэктиэлиэххэ сөбүй?
Бастакы, улахан үтүөтэ – аан дойду үп-харчы, экономика сайдыытын кириисиһигэр киирбит кэмигэр дойду оҥорон таһаарар кыамтатын, олоҕун-дьаһаҕын, туох баар тэрилтэлэрин, уопсастыбаннай холбоһуктарын үрэйбэккэ, тыыннаах хаалалларын ситистэ. Кини иннинэ бу дуоһунаска үлэлээбит И. Силаев, Е. Гайдар, В. Черномырдин, С. Кириенко уо.д.а. Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бартыбыалын “ыараханын” кыайбатахтара. Билигин экономикаҕа балаһыанньа өссө уустугурда. Ол эрээри, урукку курдук, ыһыллыы-тоҕуллуу суох. Экономика туруктаах хаалла. Үп-харчы тэрилтэлэрэ үлэлииллэр. Дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа быстар куһаҕан таһымҥа таҥнары түспэтэ. Бу Д.А. Медведев салайыытын түмүгэ диэн билиниэхтээхпит.
Д.А. Медведев иккис улахан үтүөтэ – дойду политическай туруга бөҕөргөөн иһэригэр сытар. “Биир ньыгыл Россия” кини салалтатынан дойдуга соҕотох политическай лидер буолла. Маны сорохтор демократия мөлтөҕөр сыһыары туталлар уонна онно былааһы буруйдууллар. Ити сыыһа сыанабыл. Дьыала баартыйа баар буолбутугар буолбатах, атын баартыйалар мөлтөхтөрүгэр сытар. Биир да торумнаах баартыйа суох буоллаҕына, хайдах буолар дьоммутуй?
Билигин Д.А. Медведев салалтатынан Россия 2025 сылга диэри сайдар социальнай-экономическай былаана сааһылана сылдьар. Манна элбэх дьон кыттар, араас этиилэр бааллар. Ол эрээри, итилэри барыларын түмүк оҥорон таһаарыы Д.А. Медведев хамаандатыгар сүктэрилиннэ.
2018 сылга Россия Президенин быыбара буолуохтаах. Бу олус эппиэттээх политическай хампаанньа буолара күүтүллэр. Бу эппиэттээх дьыаланы Д.А. Медведев салайара буолуо уонна В.В. Путин быыбардыыр штабын салайыаҕа дии саныыбын. Онон дойду салалтата 2024 сылга диэри туруктаах балаһыанньаҕа киириэҕэ. Ыарахан кэмнэргэ тулхадыйбат төрүт наада эбээт.
Д.А. Медведеви сорохтор В.В. Путины солбуйар киһи дииллэр. Баҕар, буолуо, баҕар, суох. Политикаҕа таайыы диэн сэрэхтээх – туолумуон сөп. Кэмэ кэллэҕинэ барыта быһаарыллыа. Ол эрээри биири эрэллээхтик этиэххэ сөп: Д.А. Медведев билигин дойдуга иккис суолталаах политическай деятель буола үүннэ. Онон кинини ис сүрэхпититтэн кэлэн иһэр төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибит, улахан ситиһиилэри баҕарабыт!
Николай Слепцов,
политолог.