Сахаларга былыр-былыргыттан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ытыктабылга сылдьара. Уол оҕо төрөөтөҕүнэ «аҕа ууһун салгыа», кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ «кыыс оҕо холумтана сылаас буолуо» диэн олус үөрэллэрэ.
Үөһээ Бүлүү улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннээҕинэн биллэр. 1986 с. биһиги улууспутугар 93, ол иһигэр Дүллүкүгэ 13 Герой ийэ баар. Кинилэр оҕо саастара Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар ааспыта, олох кыһалҕатын билбиттэрэ, үөрэхтэн маппыттара.Ийэлэр үксүлэрэ тыа хаһаайыстыбатын, колхуос, сопхуос үлэһиттэрэ эбиттэр. Өссө биир үчүгэй хаачыстыбаларынан олоххо көхтөөх сыһыаннара буолар. Кинилэр киэҥ, холку майгылаахтара, амарах-аһыныгас санаалаахтара, чиэһинэй, үтүө суобастаахтара.
Билигин сулустаах ийэлэртэн Дүллүкүгэ Маҥаас уонна Дүллүкү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, 93 саастаах Герой ийэ Мария Ивановна Алексеева олорор. Кини биһиэхэ бэйэтин олоҕуттан уонна оҕолорун туһунан сэһэргээтэ.
— Мария Ивановна, оҕо сааскыт кэмиттэн ахтан аһараҕыт? Оччолорго олох-дьаһах хайдах этэй?
— Мин 1930 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Оҕо сааһым Аҕа дойду Улуу сэриитин ыарахан кэмигэр ааспыта. Онон тиийиммэт-түгэммэт кыһалҕатын эппинэн-хааммынан билбит киһибин. Бурдук суох буолан, турунуопус хааһытын сиирбит. Дьоммут американскай куулу кырааскалаан, онон сон тастаан кэтэрдэллэрэ. Улахан дьону кытта тэҥҥэ оҕус сиэтэн сир хорутуһарым, өрүстэн солуурунан уу таһарым, биирдээмит көстөр бурдугу суорунаҕа мэлиттэрэрим.
— Оҕо саастан саамай үчүгэй өйдөбүл туох этэй?
— Оҕо сааһым саамай үчүгэй өйдөбүлэ аан бастаан оскуолаҕа киириим этэ. Оройуон киинигэр Үөһээ Бүлүүгэ киирэн үөрэммитим. Бастакы учууталым Мелания Спиридоновна Воронкина диэн этэ. Аҕыйах этибит, 10-чака оҕо буолан үөрэммиппит, үксэ кыргыттар этибит.Онтон Павла Федотовна Давыдова диэн учуутал үөрэппитэ.Оҕолору барыларын таптыыра, сиэтэ сылдьар этэ, бэйэтин оҕолорун курдуктутара.
— Хайдах үлэһит буолбуккунуй?
— 1953 с. уон кылааһы бүтэрбитим. Онтон библиотекардар куурустарыгар үөрэнэн идэ ылан, Маҥаас нэһилиэгэр үлэлээбитим. Онно Иосиф Игнатьевич Михайлов диэн уоллуун холбоһон ыал буолбуппут. Барыта уон биир оҕону төрөтөн-иитэн улаатыннарбыппыт. Кэлин «Дүллүкү» сопхуоска диспетчеринэн, партийнай кабинет сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим.
— Герой ийэ аата хаһан иҥэриллибитэй?
— 1971 с. Маҥааска Сэбиэтигэр сэкэритээри солбуйан олордохпуна, оройуонтан биир киһи кэлэн,райсовет уурааҕынан, Герой ийэ мэтээлин, дастабырыанньатын туттарбыта.
— Элбэх оҕону иитэргитигэр туох ураты ньымалаах этигитий?
— Оҕолорбут оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэнэллэригэр, элбэхтик кинигэ ааҕалларыгар, үөрэҕи көтүппэттэригэр кыһаллар этибит. Аҕабыт ыалдьан эрдэ олохтон барбыта, онон бэйэм хааламмын оҕолорбун улаатыннартаабытым.Оскуола кэннэ бэйэлэрэ сөбүлүүр идэлэригэр тутта салларыгар сүбэлиирим. Ол быһыытынан уолаттарбыт Руслан, Виктор, Иван, Игнат, Юрий, Коля уонна Октябрь аармыйаҕа сулууспалаан, орто анал үөрэҕи бүтэрбиттэрэ, онтон кыргыттарбыт Виктория, Мария Бүлүү педучилищетыгар, Магадаҥҥа учуутал идэтигэр, Таня Омскайга бухгалтер идэтигэр, Полина Дьокуускайга педучилищеҕаүөрэммиттэрэ.Оҕолорумбары анал идэни баһылаан, ыал буолан, билигин сүүстэн тахсасиэн, хос сиэн, хос-хос сиэн эбээтэ буолан олоробун.
— Билиҥҥи олоҕу хайдах сыаналыыгыный?
Билигин үчүгэй, дэлэгэй олох кэллэ. Үлэни сөбүлүүркиһи байылыаттык олорор кэмэ. Дьон билигин кыахтаахтык олороллор. Үөрэниэн баҕалаах киһи ханнык баҕарар үөрэххэ туттарсан киирэрэ көҥүл. Аны аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит эдэр киһи куонкуруһа суох киирэр.
— Эдэр төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Төрөппүттэр оҕолоро оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр үөрэҕи көтүппэттэрин курдук хонтуруоллуулларыгар сүбэлиэм этэ. Нуучча литературатын төрүттээччи А.С.Пушкин, М.Ю.Лермонтов, Н.А.Некрасов уонна Максим Горькай кинигэлэриттэн ааҕалларыгар баҕарабын.Сахалыы кинигэни, суруйааччылар айымньыларын тэҥҥэ ааҕан улаатыахтаахтар. Төрөппүт туохха барытыгар ирдэбиллээх буолуохтаах. Бэйэтин холобурунан үлэҕэ үөрэтиэхтээх. Оччоҕуна ыччаппыт киэҥ билиилээх, үөрэхтээх, сайдыылаах буолан, дойдуларыгар туһалаах дьон буолан тахсыахтара. Үлэни өрө тутар киһи олоҕо ситиһиилээх уонна толору дьоллоох-соргулаах буолар!
Сааскыйа ВАСИЛЬЕВА,
VIII кылаас,
“Эрчим” медиа киин,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү