Сэһэн Ардьакыап аатынан Уус-Алдан историятын музейыгар олус сэргээн сырыттыбыт. Бу музей эргэ дьиэҕэ баар эрдэҕинэ сылдьыбыппыт. Онтон билигин саҥа дьиэҕэ көспүтэ олус тупсубут, сырдаабыт. Биһиги улууспутугар түҥ былыр мамонт, носорог, пещернай хахай баар буола сылдьыбыттар эбит. Бу кыыллар уҥуохтарын улууспут территориятыттан булбуттар. Музейга Уус-Алдан биллиилээх дьонун-сэргэтин араас маллара бааллар. Холобур, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр Санк-Петербург куораттан атыыласпыт саахыматтыыр остуола.
Маны таһынан олус үчүгэй, олох көрдөххө тыыннаах курдук оҥоһуллубут буоскаттан оҥоһуктар – Абакайаада, Лөгөй Тойон уонна Сэһэн Ардьакыап ыраахтааҕы Екатерина II кытта көрсүһэ турара. Бу оҥоһуктар аҥардас таҥастара-саптара баай, барыта илиинэн тигиллибит эбит.
Музейга элбэх араас былыргы иһит-хомуос, туттар мал, сэрии кыттыылаахтарын мэтээллэрэ, үрүҥ көмүс дьахтар киэргэллэрэ уонна улууспут бастакы киинэ Томтор оҥоһуутун макета баар. Үөһээ этээскэ Уус-Алдан кэрэ көстүүлэрин, спортсменнарын хаартыскаларынан быыстапката турар. Экскурсовод Юлия Ивановна Афанасьева барытын олус үчүгэйдик, интэриэһинэйдик кэпсээтэ, көрдөрдө. Былыргыны билэр, көрөр кырдьык да олус интэриэһинэй эбит.
Айаана Сергеева, Айлаана Бурцева,
«Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччилэрэ.
Уус-Алдан.