«Умай, умай, аал уоппут!» диэн улахан тэрээһин Болугурга ыам ыйын 14 күнүгэр биһиги учууталбыт Сахаяна Юдовна Кожурова көҕүлээhининэн буолан ааста. Тэрээһин уһун кэмҥэ Болугур орто оскуолатыгар пионер баһаатайынан үлэлээбит Людмила Евсеевна Филипповаҕа, ону тэҥэ Пионерия 100 сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылыгар ананна.
Буолар күнүгэр сарсыарда хаардаах ардах түспүтэ, эбиитин сибээспит суох этэ. Ол да буоллар, ардах аннынан автобуhунан Хаттыкы диэн сиргэ баар турбазаҕа айаннаабыппыт. Тиийбиппитигэр ардахпыт тохтоон үөрүү бөҕө буолбуппут. Биһигини киэҥ-нэлэмэн мырааннар, дьэҥкир ыраас уулаах Амма эбэбит көрсүбүттэрэ. Л.Е. Филипповаҕа анаммыт тэрээһиҥҥэ оҕолоро, кэргэнэ, ветеран учуутал Александр Георгиевич Филиппов, аймахтара, үлэлээбит оскуолатын учууталлара, үөрэппит оҕолоро, билиҥҥи көлүөнэ ыччат бука бары мустубуттар этэ.
Бу күн Илин Эҥэр улуустарыттан учууталлар, педагог-организатордар «Вожатый года-2022» күрэххэ кытта кэлбиттэр этэ, оскуола оҕолоругар маастар-кылаас ыыппыттара. Түмүгэр кыайыылааҕынан Эмис оскуолатын учуутала Устинова Сахаяна Павловна бастаабыта, атын учууталлар араас анал ааттары ылбыттара.
Биhиги, оскуола оҕолоро, 7 араас өҥнөөх хамаандаларга арахсан, маастар кылаастарга кыттыбыппыт. Мин хамаандам хараҥа халлаан күөх өҥнөөх этэ. Хамаандабытыгар Амма-Наахара оскуолатын ОБЖ учуутала Марков Данил Спартакович маастар-кылаас ыыппыта. Кини биһиэхэ кылгас кэм иhигэр ориентирование диэн тугун үөрэтэн, тыаҕа ону хайдах туhанары көрдөрбүтэ. Ол кэннэ, бэйэбитин холонон сорудаҕы толорбуппут. Наhаа интириэhинэй эбит, бу кэннэ ориентированиены салгыы үөрэтиэхпин баҕардым. Өссө биир атын маастар-кылааһы көрбүтүм. Онно педагог-организатор Саха сирин туһунан бэрт сэргэхтик кэпсээбитэ, оҕолорго Саха АССР 100 сылыгар аналлаах викторина ыыппыта.
Улахан дьон тэрээһиҥҥэ урукку пионерскай кыһыл хаалтыстарын баанан, пилоткаларын кэтэн, этэрээттэргэ арахсан кытта кэлбиттэр этэ. Үөрэн-көтөн кутаа уоту уматыыга, күөс буһарыыга, урукку пионерскай ырыалары ыллыырга күрэхтэспиттэрэ. Оннооҕор 75 саастаах кырдьаҕас пионердар туспа этэрээт буолан кыттыбыттарыттан биhиги олус соhуйдубут, үөрдүбүт. Бары наһаа көтөҕүллүүлээхтик, оҕо саастарын санаан ыллаабыттара-туойбуттара, үөрбүттэрэ-көппүттэрэ.
Бу «Умай, умай, аал уоппут!» тэрээhиҥҥэ кыттаммыт, оҕолор элбэх саҥаны биллибит. Пионердар диэн инники күөҥҥэ сылдьар, олус көхтөөх, сомоҕолоох, кырдьаҕас дьоҥҥо көмөлөһөр, эппиэтинэстээх уонна эрэллээх доҕоттор эбиттэр. Кинилэр биир тэҥ мааны таҥастаахтар буолаллар эбит: кыһыл хаалтыс, пилотка, маҥан ырбаахы. Биhиги оскуолабытыгар пионердары 25 сыл тухары салайбыт Людмила Евсеевна Филиппова диэн пионер баhаатай үлэлээбит эбит. “Кини олус үлэтин таптыыр, элэккэй майгылаах киhи этэ”, − диэн урукку пионердара, бииргэ үлэлээбит учууталлара, алтыспыт дьоно ахталларын иhиттибит, дириҥник убаастыылларын биллибит.
Аида МУХИНА,
Амма улууһун Болугур оскуолатын
IX кылааһын үөрэнээччитэ/