Быйыл Ил Дархан Харыйатыгар Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү орто оскуолатыттан 11 кылаас үөрэнээччитэ Сергей Иванов барар чиэскэ тигистэ. Кини — бастыҥ спортсмен, ситиһиилээх үөрэнээччи. Сергейтан сөбүлүүр дьарыгын, уруогун, инники былаанын туһунан ыйыталастым.
Сааһа: 17
Сөбүлүүр дьарыга: чэпчэки атлетика.
Кумира: Усэйн Болт – чэпчэки атлетика спортсмена.
Сөбүлүүр кинигэтэ: саха суруйааччыларын айымньылара .
Сөбүлүүр киинэтэ: «Боец» (реж. Д.О.Расселл).
— Бэйэҥ тускунан ааҕааччыларга билиһиннэриэҥ?
— Мин 2007 сыллаахха ыам ыйын 12 күнүгэр төрөөбүтүм. Ийэм Александра Николаевна, аҕам Иннокентий Вячеславович Ивановтар оскуолаҕа үлэлииллэр. Бииргэ төрөөбүттэр түөрпүт.
— Сөбүлүүр дьарыгыҥ туһунан кэпсээ?
-Мин алын кылааска үөрэнэ сылдьан “Оһуор” үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктаммытым. Араас тэрээһиннэргэ, “Сулусчаан”, “Хотугу сулус” куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттар этибит. Хоһоон ааҕарбын сөбүлүүбүн. Бэлиэ күннэргэ, күрэхтэргэ кылааһым уолаттарын кытта саха поэттарын хоһоонноруттан ааҕан кыттабыт. Үрдүкү кылааска тахсан баран “Снежный барс” байыаннай-патриотическай оонньуу оскуолатааҕы сүүмэрдиир хамаандатыгар киирбитим. Онон сыл аайы бу күрэхтэһиигэ оскуолабыт, улууспут аатыттан кыттабыт.
Саамай сөбүлүүр дьарыгым – спорт. Бастакы кылаастан спордунан дьарыктанабын. Күн бүгүҥҥэ диэри саамай сөбүлүүр көрүҥүм чэпчэки атлетика буолар. Тренерим – Сардаана Тусаховна Герасимова.
— Маҥнайгы күрэхтэһиигин өйдүүгүн?
— Аан бастаан маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьан улууска күһүҥҥү эстафетаҕа кыттыбытым. Оскуолабыт хамаандатыгар киирэн барсыбытым.
— Саамай улахан ситиһииҥ?
— 8-с кылааска үөрэнэ сылдьан Владивосток куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүү күрэҕэр биирдиилээн бастыыр иһин 100 миэтирэҕэ 3-с миэстэ буолбутум. Онно эстафетаҕа Саха сирин хамааандатын оҕолоро бастаабыппыт. Быйыл сайын Үөһээ Бүлүү сүүмэрдиир хамаандатыгар киирэн “Спортивные якутяне” күрэхтэһиигэ кытынным.
Сүрүн ситиһиилэрим:
- Дьокуускайга 1№ ДЮСШ бирииһигэр 200м. сүүрүүгэ – 3 м., 2022с.
- Республикаҕа үөрэнээччилэргэ чэпчэки атлетикаҕа биирдиилээн бастыыр иһин — 2 миэстэ, эстафетаҕа – 1 м., 2022с.
- Республикаҕа марафонец А.И.Устинов аатынан сүүрүү күрэҕэр 100, 200 м. – 1 миэстэ, 2022с.
- Спорт маастара К.Иванов аатынан республикатааҕы сахалыы ыстаныы аһаҕас турнирыгар – 2м.,2023с.
- Чэпчэки атлетикаҕа республикаҕа бастыыр иһин 60 м. – 2 миэстэ, 200 м. – 3 миэстэ, 2024 с.
- Уолаттарга А.Н.Чусовской аатынан “Буулдьанан ытыы” күрэҕэр биирдиилээн бастыыр иһин – 3 миэстэ (Ньурба к.)
— Сөбүлүүр уруогуҥ?
— Нуучча тылын уруогун, физкультураны, ОБЗР уруогун ордоробун. Ол эрээри, сөбүлээбэт уруогум диэн суох. Үөрэхпэр үчүгэйбин. Улууска физкультура олимпиадатыгар – 2-с, ОБЖ-га – 3-с миэстэлээхпин. Дьокуускайга хамаанданан физкультура олимпиадатыгар 4-с миэстэ буолбуппут.
— Ханнык үөрэххэ туттарсар былааннааххыный?
— Авиационнайга туттарсан көрүөхпүн баҕарабын. Өссө ХИФУ-га Горнай институкка геодезист идэтигэр эмиэ докумуоммун биэриэм.
— Иллэҥ кэмҥэр тугу гынаҕын?
-Дьоммор илии-атах буолабын: муус, мас таһыытыгар, хаар үлэтигэр көмөлөһөбүн, иһит сууйабын. Аҕабын, доҕотторбун кытта сайын балыктыы барабыт, күһүн муҥхаҕа сылдьабыт. Сүүрэбин, киэһэ нэһилиэк спортзалыгар волейболлуубун.
Быйыл сайын Дьокуускайга ыытыллыбыт 8-с норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга волонтерунан үлэлээтим. Элбэх саҥа доҕоттордоннум. Волонтер ханнык баҕарар түгэҥҥэ көмөнү оҥорорго бэлэм, эйэҕэс, култууралаах уонна тулуурдаах буолуохтаах диэн биллим.
— Оҕолорго баҕа санааҥ?
-Үөрэххитигэр кыһаллыҥ, дьоҥҥутугар куруук көмөлөһө сылдьыҥ, спордунан дьарыктаныҥ диэн сүбэлиибин. Чөл олоҕу тутуһуҥ.
Алина Санникова, X кылаас,
Дүллүкү орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү, “Эрчим” медиакиин