Ахсынньы 8 күнүгэр Таатта улууһун 1 №-дээх орто оскуолатыгар илин эҥэр улуустарын икки ардыларыгар ыытыллар «Оҕо Сатабыла — Саха Сатабыла (СатабылSkills)» сатабыл уонна үлэ чөмпүйэнээтэ буолла. Күрэх өбүгэ үтүө үгэһин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалларар, сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтитэр сыаллаах-соруктаах сэттис төгүлүн ыытыллар. Тэрийээччилэр: Тааттатааҕы иитэр-үөрэтэр эйгэтэ-кластер, Арктикатааҕы култуура уонна искусство института, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт института, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгайа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Юные Якутяне» ресурснай киин.
Быйыл Таатта, Амма, Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы хамаандалара күөн көрүстүлэр. Оҕолор барыта 7 сатабылынан күрэхтэстилэр:
- «Дьиэ кэргэн ытык мала — үлэ киһитин үйэтитии» сатабылга оҕо уонна төрөппүт кыттар. Күрэх тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии-хамсыы сылдьар удьуор үлэһиттэр олохторун-дьаһахтарын, ситиһиилэрин, талааннарын-дьоҕурдарын кэпсиир ытык маллары сырдатар, үйэтитэр сыаллаах.
- «Илин эҥэргэ өркөн өйү эрчийии — Сахалыы оонньуулары оҥоруу» хамаандаҕа 2 оҕо уонна педагог-организатор буолан кытыннылар. Сахалыы өйү сайыннарар үөрүйэхтэри, сатабыллары оҕо анал айдарыыта сайдарын ситиһэр сатабыл.
- «Эһээ сатабыла — күөрчэҕи ытыйар ытыгы кыһан оҥоруу». Эһээ сиэнинээн кытталлар. Ытык оҥоруу сатабылын иҥэрэр сыаллаах-соруктаах ураты сатабыл.
- «Эбээ сатабыла» (халадаай ырбаахыны тигии сатабыла). Эбээ сиэнин кытта кыттар. Үүнэр көлүөнэҕэ, кыыс аймахха, халадаай ырбаахыны тигии ньымаларын иҥэрэр аналлаах.
- «Ийэ тыл, сурук-бичик, сахалыы саҥарыы» (сахалыы тыыннаах хаһыаты таһаарыы). 2 үөрэнээччи уонна салайааччы кытталлар. Төрүт үгэһи үйэтитэр сыаллаах тэриллэр дьоһун тэрээһини сырдатан сурукка-бичиккэ киллэрии.
- «Сахалыы шрифтэри айан оҥоруу» (графическай дизайн). Аймахтыы оҕолор кытталлар. Аныгы үйэ ирдэбилинэн оҕоҕо IT-технология сатабылын иҥэрэр, төрүт тылы, суругу-бичиги сайыннарар, үйэтитэр, харыстыыр үрдүк соруктаах.
- «Күөсчүт сатабыла» (туойтан көмүлүөк оһоҕу оҥоруу сатабыла). Биир дьиэ кэргэн оҕолоро кытыннылар. Туойтан көмүлүөк оһоҕу оҥордулар. Күөсчүт курдук дириҥ силистээх идэни үйэтитэр дьоһуннаах сатабыл.
Биһиги кыттааччылары кытта сэһэргэстибит, санааларын иһиттибит.
Марианна Барахова, Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай түмэлин үлэһитэ, эксперт:
— Кыттааччылар үлэлэрин көрөммүн, оҕолор бэйэлэрин дьиэ кэргэннэрин, ийэлэрин, аҕаларын, бэйэлэрин өбүгэлэрин, эбэлэрин, хос эбэлэрин, эһэлэрин удьуордаан, хас да уйэ саҕалааннар, сүрдээх үчүгэйдик ситимнээхтик кэпсээтилэр. Бу биһиги түһүмэхпитигэр өбүгэлэрин малларын аҕалан көрдөрдүлэр. Сүрдээхтик харыстаан илдьэ сылдьан, кинилэр наһаа үчүгэй дьиэ кэргэн ытык мала олус кэрэхсибиллээх уонна махталлаах буоларын көрдөрөр. Бу ханнык баҕарар оҕо бэйэтин удьуорун билэригэр, кинилэртэн уруккуттан кэлбит дьарыгы илдьэ сылдьарыгар уонна билиҥҥи олоххо кини кырдьык эрэллээхтик үттэгиэн сөп, бу дурдалаах хаххалаах курдук буолар буоллаҕа ди. Кини бэйэтин төрөппүттэриттэн сайдарыгар, үүнэригэр инники өттүгэр тирэхтээх буолар. Онтон мин манна хаһыс да сылын бу күрэххэ көрөбүн, сылдьабын, манна үлэлэһэбин, онон быйылгы күрэххэ хас да улуус кэлэн үлэлээбитэ сүрдээх интэриэһинэй буолар.
Виолетта Неустроева, В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ:
Бу күрэххэ мин дьоҥҥо бэйэм фантазиябын көрдөрүөхпүн баҕараммын кыттабын.
Мария Николаевна Басова, Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин олохтооҕо, «Эбээ сатабыла» кэмпитиэнсийэ кыттааччыта:
Сиэним 10 кылааска үөрэнэр Карина диэн, В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолатыгар үөрэнэр. Биһиги оскуолабытын чиэһин көмүскээн сыаллаах-соруктаах кэллибит. Бары түмсүүлээхтик бары бииргэ буолан сылдьарбытын биһиги сөбүлээтибит, мин халадаайы үйэм тухары тигэр буоламмын тугу да ыарырҕаппатым.
Чөмпүйэнээт чэрчитинэн «Саха Сатабыла» дьаарбаҥка-быыстапка үлэлээтэ. Араас сиэдэрэй оҥоһуктар дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Манна бааллар: эгэлгэ мас оҥоһуктар, саха таҥаһын арааһа о.д.а.
Видеороликпытын көрүөҕүҥ:
Үүнэр көлүөнэ киһи киһитэ буола улаатарын туһугар анаммыт, оҕо сайдарыгар, оҕо уонна төрөппүт ситимнэрэ күүһүрэригэр олук буолар үтүө тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста.
Сатабыл хас биирдии көрүҥэр хамаандаҕа балл ааҕыллан, түмүккэ бастыҥ хамаандалар быһаарылыннылар. Кыайыылаахтары итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Инникитин даҕаны сатабыллара сайдан иһэригэр баҕарабыт.
Алима Николаева, Алина Павлова,
«Чиргэл» пресс-киин эдкордара,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын үөрэнээччилэрэ.
Салайааччы С.Г. Маркова.