Тихон Михайлович Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатыгар Пионерия төрүттэммитэ 100 сылыгар, военно-патриотическай хамсааһыны сайыннарыыга уонна оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларын ситиһэргэ анаан, оҕолорго “Зарница”, “Сладкое дерево” оонньуулар уонна “Тимуровскай көмө” ыытылыннылар.
Бу тэрээһиннэр хас сыл аайы былааннаахтык бараллар, оҕо инники олоҕор бэлэмнээх, тулуурдаах буоларыгар, айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун тутуһууга үөрэтэллэр.
“Зарница” оонньууга улахан кылаас оҕолоро 2 этэрээккэ арахсан, хамандыырдарын таллылар. Оонньуу 8 түһүмэҕинэн барда: хамаанданы билиһиннэрии, боппуруостарга эппиэттээһин, бастакы көмөнү оҥоруу, компас көмөтүнэн сорудахтары булан толоруу, балаакка туруоруу, уот оттон чэй өрүү уонна эстафета. Эстафетаҕа мэһэйдээх сүүрүү, граната быраҕыыта, сыал ытыыта уонна да атын көрүннэргэ бириэмэҕэ күрэхтэстилэр. Оҕолор бэлэмнээхтэрин көрдөрөн, бары сордахтары толордулар. Манна педагог-организатор Дагданча Виктория Никоновна, ОБЖ учуутала Дагданча Сергей Григорьевич, физкультура учууталлара Манасытова Наталья Николаевна, Барашков Радимир Иванович, завхоз Янцен Андрей Андреевич тэрийэн ыыттылар.
Онтон алын сүһүөх кылаастарга “Сладкое дерево” оонньуу көхтөөхтүк барда. Манна военизированнай эстафета, “Сладкое дерево” булууга сорудахтаах күрэх, минньигэс эбиэт буолла. Оҕолор сибиэһэй салгыҥҥа дуоһуйа сынньанан, сүүрэн-көтөн, оонньоон кэллилэр.
“Тимуровскай көмөҕө” оҕолор нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастарыгар, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэригэр, сэрии кэмин оҕолоругар субуотунньуктаатылар. Ол курдук Мария Константиновна Варламоваҕа, Акулина Михайловна уонна Елизавета Михайловна Поповтарга, Александра Софроновна, Роман Васильевич Каженкиннарга, Степанида Алексеевна, Дмитрий Васильевич Демьяновтарга көмө оҥордулар. Ырааһырдыы үлэтин ыытан, тэлгэһэлэрин хомуйууга, саһаан туруоруутугар оҕолор салайааччыларын кытта таҕыстылар. Аҕа саастаах дьоммутугар болҕомто уурарбытын умнубаппыт.
Оскуола бибилэтиэкэрэ Нюргуяна Сыромятникова