Саха төрүт доҕуһуоллуур тэриллэрин айыллыыта
(остуоруйа)
Былыыр-былыр сахалар түөлбэлээн олорор биир бэртээхэй сирдэрэ баар эбит. Бу аҕа ууһун Омолдоон диэн ааттаах баһылык салайан олорбута эбитэ үһү. Омолдоон муударай өйдөөх, норуотун убаастыыр, харыстыыр аҕа баһылыга буолан , алаас олохтоохторо бары эйэлээхтэр, бэйэ-бэйэлэригэр куруук көмөҕө кэлэргэ бэлэм саха аймаҕа эбит.
Бу үчүгэйкээн сир уонна баай – дуол олохтоох норуот туһунан атын аҕа уустарыгар сэһэн буолан тилийэ кэпсэммит. Сурах талыыр-халыыр эрэ дьарыктаах, куруутун сэриилэһэр толкуйдаах, куһаҕан хара санаалаах дьоҥҥо эмиэ тиийбит. Кинилэр сир баайыгар ымсыыран, сэриинэн түһээри бэлэмнэнэн барбыттар. Сэриилэһэр диэни билбэтэх норуот, утарылаһарга олох бэлэмэ суох олорбут . Халабырдьыттар сотору-сотору саба түһэллэриттэн олус куттанар буолан барбыттар. Биир үтүө күн Омолдоон эр дьоннору улахан ураһаҕа мунньан, бу курдук эппит:
— Доҕоттоор, халыыр-талыыр санаалаах дьонтон биһиги тугунан эмит утарылаһыахтаахпыт. Ол инниттэн бу дьону куттуур тугу эрэ айан таһаарыахха, өстөөхтөрбүт биһиги сирбитигэр төннүбэттии куоталларын курдук оҥостуохха!
Эр дьон толкуйга түһэллэр. Арай Табык диэн мас ууһа киһи дьон иннигэр тахсыбыт, бу уус киһи мастан элбэх иһити-хомуоһу, туттар тэрили олохтоохторго оҥорор эбит:
-Этиҥ тыаһыгар холоонноох, сүдү тыастаах мастан оҥоһукта оҥорон көрүөҕүҥ, ол тыаһынан өстөөхтөрбүтүн куттуоххайыҥ!
-Тыый, Табык, сөпкө этэр, холонон көрүөҕүҥ! – дэспиттэр дьоннор.
Үс күннээх-түүн үлэ кэннэ дьэ маастардар үлэлэрин көрө алаас олохтоохторо мустубуттар. Икки үрдүк сэргэ икки ардыгар оҕус тириитин тиирэ тардыбыттара, үс күн устата хатаччы хаппыт, хатыҥ силиһиттэн, эмиэ тириинэн бүрүллүбүт охсор маһы былаайаҕы бэлэмнээбиттэр. Табык былаайаҕынан хаппыт тириини охсубут. Дьэ доҕоор, тыас диэн улахана, салгыны хайытан, халлааҥҥа өрө сүүрэн тахсан, алаас олохтоохторун барыларын соһуппут!
“Табыкпытыгар махтал буоллун уонна ууспут аатынан бу оҥоһукпутун Табык диэн ааттыаххайыҥ! – диэбит аҕа баһылыктара Омолдоон. — Доҕоттоор, аны табыкпытын дьыалатыгар хайдаҕын билиэхпит. Харабыл уолаттар түүннэри-күнүстэри үрдүк мастарга олороннор халабырдьыттары кэтиэхтэрэ. Өстөөх иһэр сибикитин сэрэйдилэр эрэ, табыгы охсон биһиэхэ биллэриэхтэрэ”.
Бу күнтэн ыла өстөөхтөрө алааска чугаһаабат буолбуттар. Табык лүҥкүнүүр тыаһын иһиттилэр эрэ кулгаахтара хайа, төбөлөрө үнтү бара сыһан, куттанан, нэһиилэ төттөрү куоталлар эбит уонна хаһан даҕаны бу дойдуга үктэммэт буолбуттар.
Олохтоохтор үөрүүлэрэ кэмэ суох. Табык өссө да элбэх оҥоһуктары оҥорбут. Эбии “тыал дуораанньык” уонна “дьаҕа” диэн ааттаах мастан оҥоһуктары уһаммыт. Тыал дуораанньык диэн дьөлөҕөстөрдөөх мас. Остуолба быыһынан тыал киирэн, төттөрү – таары сүүрдэҕинэ иһиирэр тыаһа ыраахха диэри иһиллэр эбит, онтон дьаҕа диэн быаҕа ыйанан турар мас куһуоччуктара тыалтан хамсаан, тэлибирээн, бэйэ-бэйэлэригэр охсуллан эмиэ олох атын дорҕоону таһаараллар. Саха аймаҕа талабырдьыттартан көмүскэнэр ньыманы булан, онтон ыла үөрэн-көтөн олорбута эбитэ үһү.
Семенова Капиталина Константиновна — Саар Көстөкүүн Кыыһа.
«Кэнчээри» оҕо саадын музыкальный салайааччыта, Майа, Мэҥэ Хаҥалас.
Үүт чабычаҕын тиһэх остуоруйата
Кытархайдыҥы дьүһүннээх чыс кутуйах биир күн сирин – дойдутун көрөөрү, ыраас салгынынан тыына, ороҕун устун күүлэйдии барбыт. Ол баран иһэн сытымсах муҥутаан, хантан эрэ үүт сыта кэлэрин билбит. Онтон бэйэтэ да сүрдээҕин соһуйар. Хаста- хаста бу манан сылдьыбыта буолуой, ол тухары үүт сытын ылбатаҕа. Кутуйах от-мас быыһынан тиҥсирийэн баран иһэн, эргэ үүт чабычаҕар иҥнэ түспүтэ. Умса түһэн сытар чабычаҕы тула сүүрбүтэ, иһирдьэ киирэн үүт сытыттан туймаарыйа сыһар. Тылчаанынан чабычаҕы салаабытыгар үүт амтана айаҕар биллэргэ дылы гыммыта. Кутуйах наһаа үөрбүтэ, ол эрэн, үүтэ суоҕуттан хомойо санаабыта. Чабычах таһыгар олорон: “Илдьэн сайыҥҥы дьиэ оҥостубут киһи бэрт буолуо эбит. Түгэҕэ дьөлөҕөстөөх, онон оһох ураатын таһаарыахха сөп, түннүктээн кэбистэххэ биирдэ дьэргэс гына түһүөҕэ. Оҕолуун-уруулуун бары үүт сытын ыла-ыла үөрэ-көтө олоруохпут буоллаҕа”, –дии санаабыта. Дьиэтигэр төннөн тиийэн дьонугар чабычах туһунан кэпсээбитэ уонна былаанын иһитиннэрбитигэр ойоҕо, оҕолоро үөрэ түспүттэрэ: «Баран аҕаларга», — дэспиттэрэ.
Кутуйах обургу киэҥ-куоҥ дыбарыас дьиэлэммит тойон-хаан киһи быһыытынан сис туттан баран үгэһинэн күүлэйдии сылдьыбыт. Ол сырыттаҕына , эмискэ иннигэр солотуулаах эриэн мундирдаах, көмүс эпилиэттээх, курдаттыы көстөр дьэҥкир плащтаах, сиринэн соһуллар саабылалаах, суон лоҥкунас куоластаах тойон ыҥырыаны көрсө түһэр. Кутуйах эрэйдээх куттанан хаптас гынар, сиргэ тиийэ бокулуоннуур.
“Тойонноотор тойонум, тус бэйэҕэр дорообо буоллун! Хайа диэки хааман иһэҕин?” – диэн ыйытар кутуйах.
“ Сураҕа, эн, халыҥ хамаанда харабыллаах үрүҥ көмүс солотуулаах дыбарыастаммыт үһүгүн, ону көрө баран иһэбин”, — диир лоҥкунуур тойон ыҥырыа.
“Баар, баар , — кутуйах үөрэн “сэгэс” гына түһэр. – Күүтүүлээх ыалдьыт буол”, – диир уонна тойон ыҥырыаны дьиэтигэр ыҥырар.
“Киэҥ-куоҥ үчүгэй дьиэ эбит, — сис туттан туран тойон ыҥырыа саҥарар – Сөбүлэһэр буоллахына, дьукаах олоруох. Мин мүөппүттэн бэрсиэм уонна куттал суоһаатаҕына, хамаанда биэрдим да, саабылалаах-батастаах уолаттарым түөкүнү утары охсуһуохтара ”– диир уонна “туох диигин?” диэбиттии кутуйах диэки көрөр,төгүрүк иһэ көппөҥнүүр.
“Тыый, бэрт буоллаҕа дии, бачча улахан дьиэҕэ хайдах бэйэбит эрэ олоруохпутуй”,- кутуйах мүөт туһунан истээт, үөрэ түһэр. Ити курдук тойон ыҥырыаны дьукааҕынан ыҥырар. Тойон ыҥырыа хотунун, харабыл уолаттарын, хамначчыт дьонун илдьэ көһөн күккүрээн кэлэн, күннэри-түүннэри үлэ бөҕө күөстүү оргуйар. Кутуйах чуумпу олоҕо уурайар: тохтоло суох киирииттэн-тахсыыттан, тыастан-уустан, саҥаттан-иҥэттэн утуйар уута көтөн хаалар. Хамначчыт уолаттар хантан эрэ биэдэрэнэн мүөтү аҕалан буочукаҕа кутан бидилитэллэр, ол аайы дьиэ иһэ мүөт минньигэс сытынан тунуйар. Кутуйах эрэйдээх мүөт сиир баҕаттан нэһиилэ тулуйар.
Арай биирдэ Эһэ кырдьаҕас буору-сыыһы хаһан от-мас силиһинэн үссэнэ сылдьан, мүөт сытын ылар. Мүөт амтанын билбэтэҕэ ырааппыт буолан иҥсэтэ көбөр, наһаа үөрэр. От-мас быыһынан хааман, сытырҕалаан, үүт чабычаҕа дьиэҕэ чугаһаан кэлбитигэр, дьиэ үрдүгэр турар үҥүүлээх уолаттар айдааны тардаллар.
“Өстөөх кэллэ! Сэриигит сэбин ылан тахса тардыҥ! Хапсыһыы буолар буолла!”– диэн ыһыытаат, кэбирэх сирэ манан буолаарай диэн хара муннугар харса суох үҥүүнэн батарыта түһэллэр. Дьиэ иһиттэн үҥүүлээх, саабылалаах, батастаах уолаттар ыһыллан тахсаннар эһэни кытта киирсибитинэн бараллар.
Эһэ баппаҕайынан муннун, сирэйин-хараҕын саба туттар, кумаартан, тигээйиттэн көмүскэнэ сатыыр да тулуйбат, абаланан баппаҕайынан туос чабычаҕы туора садьыйбыта ыраах баран “сахсас” гына түһэр. Дьиэ хаһаайына кутуйах ойоҕун,оҕолорун илдьэ хороонугар куотар, кыранан тыыннаах хаалаллар…
Эһэ туос чабычах үрдүгэр түһэн хайыта тыытан, тойон ыҥырыа хамначчыттара муспут уһааттаах мүөттэрин, кыайыы буолбутун бэлиэтээн үөрэ-көтө амсайар, мүөттээх ытыһын саланар. Ити курдук туос үүт чабычаҕа дьиэ буолан бүппүтэ, киниэхэ ким да наадыйбат буолбута.
Федотов Григорий Михайлович, фольклор хомуйааччы, учуутал, I Үөдүгэй, Үөһээ Бүлүү.
Иэйии абылаҥа
(остуоруйа)
Үчүгэйин… Сөрүүн тыал эти-хааны чэбдигирдэн, сайа охсон киирэрэ… Күүстээх ардах кэнниттэн салгынныын ырааһырбыт тэлгэһэбэр от-мас сиигирэн күлүмүрдүү оонньуура – көрөргө да астык!
Күн оройо ыраатан, киһи хараҕа саатар сардаҥа уота улам налыйан, кытара кыыспыт. Күөх окко көбүөрбүн тэлгээммин, киҥкиниир киэҥ халлаан былыттыын тэтэрбит көстүүтүн одуулуу тиэрэ түһэн сыттым.
Уум кэлэн нухарыйыахча буоллум. Бу кэмҥэ сирэйбин өҥөйөн турбут, туртайа маҥхайбыт алтан төбө от хаар кыырпаҕыныы нарын-намчы көпсөркөй түүтэ сиккиэр тыалга үрэллэ-үрэллэ хамсаан ылла. Арай түүл диэхпин илэ курдук, илэ диэхпин түүл курдук… сибэкким иһиттэн намылхай суһуохтаах, нарын сирэйдээх кыыс икки илиитин өрө ууммутунан тахсан кэллэ! Онтон сып-сымнаҕас ньээм-ньээм от хойуу түүтэ ,кини мааны да мааны кылбаа маҥан өҥнөөх тэлээркэй ырбаахытын бытырыыһа, суһуоҕун киэргэтэр бастыҥата буолан хаалла.
Бу дьикти түгэни итэҕэйбэккэ, хаста да симириктээн ыллым. Ол эрээри эриэккэс көстүүм уларыйбата. Чэчик кыысчаан ыйаастыгас харахтарынан бу билигин аҕай түһэн ааспыт ардах бэлиэтин, халлааҥҥа киэргэл буолан ыйаммыт дьэрэкээн дьурааны, өр да өр одуулаата.
Эмискэ халлаантан туох эрэ супту сурулаан, сулус курдук чаҕылыйаат, аттыбар үүнэн турар хатыҥ алын лабаатыгар хатана түстэ! Сэбирдэхтэр быыстарыттан:
— Үтүө күнүнэн Оһуора! – диэн уол ыраас куолаһа иһилиннэ.
Өйдөөн көрбүтүм: тарбах саҕа кыра уҥуохтаах, сырдык баттахтаах, сандааран көстөр араҕас ырбаахылаах, кустук курдаах, саары этэрбэстээх сыдьаайа сылдьар уолчаан сэбирдэҕи олбох оҥостон мичээрдии олорор эбит.
— Үтүө күнүнэн Кустук! – диэт, били чэчик кыыс нарын илиитинэн сапсыйда. Онтон эттэ: — Кэпсиэ? Саҥа таҥаһым хайдаҕый?
— Олус кэрэ! – Кустук эрбэҕин көрдөрдө.
— Сайыҥҥы ырбаахым киэргэлэ тыал үрдэҕин аайы кыччаан иһэр курдук, — Оһуора чачыгыраччы күллэ. — Көрөҕүн, бу тирэҥсэм ойуутун? Үкчү хаар курдук дии! Хата, кыһыммын суохтаатым. Оҕуруо ойуулаах маҥан соммун кэтэммин түннүк кырыатын оһуордаах дойдутугар дьаарбайарбын аҕынным даҕаны!
— Кыыдааннаах тымныы кыһыммыт эмиэ биир эриэккэс, кэрэ кэм буоллаҕа эбээт! Төһө да үгүс өҥүм суураллан, мутукча күөх соммун кэтэн хаһан да хагдарыйбат харыйа лабаатын быыһыгар кирийэн сыттарбын, Саҥа дьыл көмүс мөһүүрэлэрин, чаҕылхай оонньуурдарын олус кэрэхсээн көрөөччүбүн.
— Кустук, эн олус кэрэ киһичээҥҥин дии! Дьон эйиэхэ кутун туттаран, харыйаларын дьэрэкээн оонньуурдарынан симииллэр. Дэлэҕэ, уран тарбахтаахтар өҥ эгэлгэтин туһанан, сөҕүөхтэн кэрэ хартыыналары уруһуйдуохтара дуо?
— Оһуора, хайҕыыр тылларыҥ иһин махтанабын! Эйигин даҕаны иистэнньэҥнэр ымыы оҥостон, хоруоҥка оҕуруолаах, көмүс сап оһуордаах мааны таҥаһы тигэн атын омуктары сөхтөрөллөрө баар. Эчи, туттар малбыт-салбыт, иһиппит ойуутун-мандарын киһи этэ да барбат.
Тыый, бу ньээм от уонна Кустук диэн сырдык уол олох даҕаны дьону үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдиир “иэйии” буолаллар эбит. Бу истиҥ кэпсэтиини истэ сыттахпына, үрүмэччи кэлэн, таҥаспар олордо. Онтон чараас кынаттара тэлээриҥнээн, чэчик кыыс диэки көттө. Сыныйан көрбүтүм: олох даҕаны үүт-маҥан халадаайдаах, үрүҥ субалаах, ыас хара суһуоҕун икки аҥы өрүммүт кыыс, салгыҥҥа дьиэрэҥкэйдээн ыла-ыла, сып-сырдык кынаттарынан сапсынара көрүөххэ үчүгэйин, эриэхсит!
Чэпчэкитик хамсанан, сэгэлдьийэ туттан ол кыысчаан маннык саҥалаах буолла:
— Эһиги кэпсэтиигитин от-мас быыһынан чуҥнуу сылдьан иһиллээбиппин алы гыныҥ! Ойуурга олорор доҕотторбун ыҥырарбын көҥүллүөххүт дуо?
— Соһуттуҥ дии, доҕор! Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраһан билсэр. Доҕотторгун ыҥыр, — диэтэ Кустук.
— Сөп! – диэт, үрүмэччи сиртэн тэйэн, лаглаҕар хатыҥ үрдүнэн көөчүктэнэ көттө.
Кэмниэ-кэнэҕэс үрүмэччи кыыс көтөрө намтаан, тыалга суугунуур нуоҕайбыт лабаалыы илиилэрин даллатан, чараас кынаттарынан биир кэм имигэстик сапсынан, маҥан тирэҥсэлээх атахтарын тумсунан салгыҥҥа кытыгырайан күөх окко көбүс-көнөтүк үктэнэ түстэ. Онуоха Кустуктаах Оһуора нарын үҥкүүнү сөҕө-махтайа көрөн, ытыстарын таһыммыттарын бэйэлэрэ да билбэккэ хааллылар. Маҥан халадаайдаах кыыс үөрэн:
— Махтанабын! Бэйэм үрүҥ кынаттаах үҥкүүһүт Үрүмэччи диэн ааттаахпын,- диэт, саҥа доҕотторугар үөрүйэх бэйэлээхтик махтанан тоҥхоҥноото.
— Уруй-айхал буоллун эйиэхэ, нарын-намчы Үрүмэччи кыыс! Кырдьык даҕаны, иирэ талахтыы имигэс, наскылдьыйа хаамар нарын сахам кыргыттарын, икки илиилэрин өрө уунан, тэбис-тэҥҥэ ыстанар сахам ньургун боотурдарын алыптаах-аптаах ырыа-үҥкүү эйгэтигэр угуйар “иэйиилэрин” кыыма эн эбиккин! – Оһуора бэркиһээн саҥа аллайда.
Иһирэх тыллартан үрүмэччи долгуйан, үргэн эрэрдии сиртэн тэйэн тэлээрдэ, кынаттарын хамсатан үҥкүүлээн эргичийдэ.
Ол кэмҥэ үс сахалыы таҥастаах, тарбах саҕа уҥуохтаах эдэр ыччаттар от-мас быыһыттан тахсан кэллиллэр:
— Үтүө күнүнэн! Бу биһиги, ойуур олохтоохторо, үрүмэччи сипсиэрин истэн, эһиэхэ ыалдьыттыы кэллибит.
— Үтүө күнүнэн саҥа доҕотторбут! Самаан сайын илгэлээх быырпаҕыттан амсайыҥ, — диэтэ дьиэлээх кыыс Оһуора.- Мин иистэнньэҥнэр истиҥник саныыр, уус дьон олус умсугуйар ойуу-дьарҕаа иэйиилэрэ Оһуора диэн ааттаахпын.
Кини хайыы-үйэ биэс тымырдаах от сииктээх сэбирдэхтэрин үрдүгэр толору быырпахтаах үчүгэйкээн чорооннору кэккэлэппит эбит. Ыалдьыттар кэмчиэрийбиттии туттан, быырпахтарын сыпсырыйдылар.
— Күндү ыалдьыттарбыт, бэйэҕит тускутунан сиһилии кэпсээҥ. Мин Кустук диэн ааттаахпын. Таҥас тигээччилэр талбыт өҥнөрүн таба туттар тарбахтарын талаанабын. Ойууһуттар уон өҥү булкуйар уран киистэлэрин ураты иэйиитэ буолабын, — диэт, Кустук бүтүннүү кулгаах-харах иччитэ буолан, кэтэһэн олордо.
Ол курдук, от күөҕэ халадаайдаах, буспут моонньоҕон курдук ыас харанан чоҕулуччу көрбүт Мутукча кыыс салгыны ыраастыыр, сайыҥҥы айылҕаны санатар дыргыл сыт иэйиитэ буоларын биллилэр. Баһыттан атаҕар диэри сарыы таҥастаах, киппэ көрүҥнээх Тиит уол ыстаалы уһаарар, тимири ыллатар, мастан араас ойуулаах-мандардаах малы-салы, иһити, көмүстэн киһи хараҕа халтарыйар кэрэчээн киэргэллэри оҥорор уус дьон иэйиитин сиһилии кэпсээтэ.
Кыһыл халадаайдаах, дьэдьэн дьабакалаах, тэтэркэй имнэрдээх Дьэдьэн кыыс амарах санаалаах асчыттар буһарар астара минньигэс амтаннанарын дьулуһар иэйии буоларын сөхтүлэр-махтайдылар. Кини көлөһүн аллыбыт сирэйин соттон ылла:
— Толору астаах сандалылаах, элбэх ыалдьыттаах, аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр аламаҕай майгылаах ыалы көрдөхпүнэ олус үөрэбин. Үтүө санаа киһини ол курдук кынаттыыр, – Дьэдьэн төһө да муҥкугун иһин, эттэҕэ дөбөҥүн!
Кини үтүө майгытын, мындыр өйүн испэр хайҕыы санаатым.
— Ытык-мааны ыалдьыттарбыт! Үлэни өрө тутар үтүө дьон иэйиилэрэ эбиккит! – Оһуора үөрэн, ытыһын өрө таһынна.
— Айыы аймаҕын үлэни таптыырга үөрэтэр, үтүөҕэ сирдиир иэйии абылаҥа буоларгытын истэн олус биһирээтим. Бачча көрсүбүччэ, оһуохайдаан ылыаҕыҥ! Ойон-тэбэн биэриэҕиҥ! – диэт Кустук, туран кэллэ.
Уол этиитин бары сөбүлээтилэр. Оонньууну оройуттан тутан, көрү-нары көҕүлүттэн ылан дуоһуйа оһуохайдаатылар.
Билсэрим дуу, бэрт эйэҕэс майгылаах иэйии кэрэ ымыыларын кытта? Миигин сөбүлүөхтэрэ дуо? Баҕар, сүүнэ бэйэлээх киһи уһуктубута буолан, өндөс гыннахпына, тарбаҕым саҕа уһуннаах ураты кэрэ иэйии иччилэрэ соһуйан, үргэн-саһан хаалыахтара суоҕа дуо?Итинник санааҕа ылларан, саарыы сыттахпына сирэйим аттыгар үүнэн турбут күөх чэчик эминньэҕиттэн сиик түһэн иэдэспин илиттэ. Арай сиигим харах уутунуу аллараа сырылаан иһэн, түөспэр ыстанан соһутта! Көрө түспүтүм: күөх даба ырбаахылаах кыыс, оһуохайдыы сылдьар дьон диэки устан эрэрдии, наҕыллык дугуйан хаамта. Кини халадаайа кыырай халлаан өҥнөөҕө, дьэҥкир оҕуруолаах бастыҥата күлүмүрдүү кылабачыйара, уһун хара суһуоҕа хаамтаҕын аайы охсуллан, долгун курдук толбоннура оонньуура – үкчү олоҥхоттон түспүт Туйаарыма Куо курдуга!
— Оҕолор, чуумпуруҥ! Күн саҕахха киирдэ. Көтөр-сүүрэр утуйан эрэр, уһугуннарымаҥ. — диэт, ол кыыс мин диэки хайыста.
Киэҥ-холку харахтарыгар санаарҕабыл толбоно көстөн ааста. Мин төһө кыалларынан, утуйбута буолан кубулуннум.
— Үтүө киэһэнэн, Таммах! – Кустук саҥата иһилиннэ.
— Кэпсиэ? Таммах, туох сонун? – диэтилэр кыргыттар.
— Эһигини сиик буолан сибэкки эминньэҕэр иһиллии сыттым да… туттумматым,- Таммах сонньуйбуттуу күлэн ылла.
— Дьэдьэн эппитигэр дылы… ыалдьыттарбын аһатарбын умнубуппун. Кэлиҥ, доҕоттоор! Тото-хана аһааҥ, — дьиэлээх хотун, Оһуора, бохсурҕан сэбирдэхтэригэр саламааттаах кытыйалары кэккэлэппит эбит.
Ыалдьыттар сөбүлээн:
— Минньигэс да буолбут,- дэстилэр.
— Билэҕит? Билигин киһи аймах аһыыр аһын эгэлгэтэ элбэҕин сөҕөбүн эрэ. Маҕаһыыннарыгар күн талбыта барыта баар, – Үрүмэччи, киэҥ сири кэрийэрин быһыытынан, кэпсээнэ элбэх.
— Оннук. Киһи ону-маны сатыыра, оҥороро күнтэн күн эбиллэн иһэр. Холобур, кыһын күөл ыраас уутун, үөһэ тахсан муус буолан тоҥмутун кэннэ, көйөн ылан, ууллараллар. Ол ыраас ууну эбиитин оргутан иһэллэрин көр. Оннук уу эккэ-сииҥҥэ туох да буортута суох. Кэлин уу ыраастыыр тэрилтэлэр элбээннэр, куорат олохтоохторо абыраннылар, – Таммах санаатын үллэстэр. — Арай биир ыралаахпын. Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх иһэр уутун харыстыыра буоллар диэн.
— Сөпкө этэҕин. Сир үрдүгэр баар барыта күнэ, салгына, уута суох кыайан олорбот. Чөл турук уу ырааһыттан олус тутулуктаах,- Оһуора, боччумуран, сири одуулаата.
— Кырдьык даҕаны, оннук эбээт, — ыалдьыттар сөбүлэһэн, саҥа аллайдылар.
Били билсиһиэх буолбут санаам сарсыардааҥы сииктии салгыҥҥа симэлийдэ. Хайдах эрэ бэйэбин буруйдаах курдук сананным. Кырдьык, иһэр уубутун харыстыахха да баара. Сир баайын хостуур тэрилтэлэр төһөлөөх элбэх сири-уоту алдьатан, ууну киртитэн эрдэхтэрэ буолуой?! Сайдыы хараҥа өрүтэ ити буоллаҕа. Арай ити кыахтаах тэрилтэлэр, харчыны эрэ сырсыбакка, дойду сайдыытыгар көмөлөһөллөрүн таһынан ууну, айылҕаны харыстыыр тэрээһиннэри күүскэ ыыталлара буоллар диэн бүччүм санаа үөскээтэ.
Оттон мин билсиспэтэх доҕотторум отур-ботур кэпсэтэн баран:
— Көрсүөххэ диэри, Оһуора! Биһигини ыҥыран аһаппыккар, оонньоппуккар махтанабыт! Кэлин даҕаны билсэр буолуохпут,- диэт, от-мас быыһыгар киирэн көстүбэт буолан хааллылар.
Арай туртайа маҥхайбыт ньээм от туох да буолбатаҕын курдук , мин сирэйбин одуулаан турда. Иэйии кэрэ иччилэрин илэ-бааччы көрбүппүн итэҕэйбэккэ, бэйэбин кымыстаан көрдүм. Аа-дьуо өндөйөн, көбүөрүм сыыһыгар олордум.
Онон, оҕолоор, тыаҕа сайылыыр ордук эбит! Куйаас күн күөххэ көҥүл көччүйэр, сүүрэр-мэниктиир эккэ-хааҥҥа олус туһалаах. Хайа да кэмпиэттээҕэр минньигэс дьэдьэннээх, хайа да духуутааҕар чэбдик салгыннаах, хайа да утахтааҕар ыраас уулаах айылҕабытын харыстыыр буолуоҕуҥ диэн иэйии абылаҥнара эһигини үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдии турдуннар диэн.
“Дьоҥҥо-сэргэҕэ туох туһаны оҥоруохпун сөбүй?”диэн санаанан сиэттэрэн, үлэни таптыыр туһа киһитэ буола улаатыҥ диэн эһиэхэ сайыҥҥы кэрэ түүл курдук сэргэх, сэмэй остуоруйабын сэһэргээтим.
Винокурова Мария Ивановна, АО ФАПК «Саха булт» тэрилтэтин үлэһитэ, Дьокуускай.