Бүгүн «Кэскил» хаһыат төрөөбүт күнүн бэлиэтиир. Бу бэлиэ күн Дьиэ кэргэн күнүгэр түбэстэ. Онон эрэдээксийэ «Оҕолорго сурутуута бэлэхтээ» диэн аахсыйатын салҕыырга быһаарынна.
Күндү эбээлэри, эһээлэри, нэһилиэктэр бэтэрээннэрин, дьокутааттарын, тэрилтэлэр үлэһиттэрин, уопсастыбанньыктары бу бэртээхэй аахсыйаҕа кыттаргытыгар ыҥырабыт. Оҕолорбутугар ааҕар эйгэни бары бүттүүн тэрийиэҕиҥ! Ааҕар оҕо сайдыылаах, санаатын сааһылаан этэр буолар, суруйар, айар дьоҕура сайдар. Аахсыйа туһунан «Кэскил» хаһыакка сиһилии сырдатыахпыт.
Бэдьимэ орто оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы, «Чуораанчык» сурунаал сүбэһитэ Екатерина Николаевна Попова уонна оҕо суруйааччыта, өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ педагога Екатерина Николаевна Сидорова аахсыйаҕа кытталлар.