Биһиги оскуолабытыгар I-VII кылаастарга Cаҥа дьыллааҕы биир улахан тэрээһин «Битва хоров» буолан ааста. Бары кылаастар Саҥа дьыл тиэмэтигэр ырыалары үөрэтэн, бүтүн кылааһынан күргүөмүнэн толорон күрэхтэстилэр, кылаастарын чиэһин көмүскээтилэр https://vk.com/wall-199463452_16894
Күрэх биир бэлиэ түгэнинэн төрөппүттэр кыттыыны ылбыттара буолар. Уопсайа 192 төрөппүт кэлэн оҕолорун өйөөтүлэр. Кылаастар оҕолуун, төрөппүттүүн бары үкчү таҥас таҥныбыттара, араас атрибуттары туттубуттара Саҥа дьыллааҕы тыыны биэрдэ. Маны тэҥэ көрөөччүлэр ыһыылара-хаһыылара кыттааччылары кынаттаата.
Дьүүллүүр сүбэҕэ оскуолабыт төрөппүтүн сэбиэтиттэн А.П. Можарова, М.Д. Ильина, А.Н. Платонова, С.А. Максимова, Х.В. Захарова, педагог-бибилэтиэкэрдэр Л.Р. Татаринова, Е.Н. Фомина, оскуолабыт иитэр үлэҕэ сүбэһитэ А.А. Седалищева, социальнай педагог С.Д. Соловьева уонна Чурапчытааҕы оҕо муусука оскуолатын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччыта М.Е. Борисова үлэлээтилэр. Күрэх түмүгүнэн бастаабыт кылаастар оскуола улахан Саҥа дьыллааҕы тэрээһинигэр кыттыыны ылыахтара.
Биһиги оскуолабыт 1000-тан тахса үөрэнээччи, 100-тэн тахса педагог кыттыылаах улахан хора, муусукабыт учуутала Г.Н. Игнатьева салайааччылаах ыллаабыта хаһыс да сыла буолла.
Кэскилээнэ СИВЦЕВА, Милена ЛОГИНОВА, VIII кылаас,
Сэмэн Ноҕуруодап аатынан Чурапчы орто оскуолатын
медиа-киин юнкордара, Чурапчы