Бүгүн саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, поэт, прозаик, драматург, тылбаасчыт А.И. Софронов-Алампа төрөөбүт күнэ. Алампа айылҕаттан бэриллибит талаана, туохтан да толлубат дохсун санаата, кырдьыктаах тыллара – бу барыта төрөөбүт дойдуга, норуокка таптал туоһута.
А.И. Софронов саха литэрэтиирэтигэр драма жанрын киллэрбитэ. Кини айымньыларынан туоруорууну тыйаатырга элбэхтик көрүөххэ сөп.
Алампа хоһооннорун оҕолор да, улахан да дьон сөбүлээн ааҕаллар. Кини хоһоонноро ураты иэйиилээхтэр, элбэҕи толкуйдаталлар.
Дарина Васильева Уус Алдан улууһун В.Д. Лонгинов аатынан Бээрийэ орто оскуола VII кылааһын үөрэнээччитэ. Дарина 10 сааһыттан саҕалаан хоһоон ааҕан, видеоҕа устан, араас тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Кини уус-уран уһуйааччыта – Надежда Ивановна Москвитина.
Дарина история уруогун туохтааҕар да ордорор. Улааттаҕына олоҕун бу эйгэни кытта ситимнээн, юрист буолуон баҕарар. Иллэҥ кэмигэр муусука истэр. Барабааҥҥа, хомуска оонньуур, олоҥхолуур, чабырҕахтыыр. Дарина биир баҕа санаата омук сиригэр сылдьыан, история кинигэтигэр ааҕар, күөх экраҥҥа көрөр дойдуларын илэ хараҕынан көрүөн баҕарар.
А.И. Софронов — Алампа «Ыччат ырыаһыттар» хоһоонун Дарина Васильева ааҕарын көрүҥ, сэргээҥ.
Мария ИВАНОВА