«Саха тыла сайдыа диэн баҕарабыт.
Сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин» /Былатыан Ойуунускай/.
Бүгүн Таатта улууһун киинигэр Ытык-Күөлгэ П.А.Ойуунускай аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр оҕо-аймах толору тоҕуоруста.
Таатта улууһун оҕолорун улуустааҕы I сийиэһигэр мустубут оҕолор сахабыт тыла сайдарын туһугар 12 хайысханан бэйэ санаатын аһаҕастык толору этэн, хайдах сайыннарарга бырайыактары толкуйдаан, биир санаанан өрө көтөҕүллэн туран үлэлээтилэр. Бырайыактартан оҕолор толкуйдара киэҥин, тыллара-өстөрө чочуллубутун, ууһун-уранын бэлиэтии көрдүбүт.
Төрөөбүт тылбыт сайдарыгар аналлаах көхтөөх тэрээһини улуустааҕы үөрэх управлениета уонна «Сатабыл» оҕону эбии дьарыктыыр, сайыннарар киинэ сэргэхтик тэрийэн ыыттылар.
Бүгүҥҥү сийиэскэ Таатта оскуолаларыттан 142 делегат кытынна, үлэ 12 хайысханан барда.
Варвара Ефимова.