Оскуолабытыгар Арассыыйа дьоруойа Дмитрий Николаевич Егоров аҕата Николай Алексеевичтыын көрсүһүү буолла. Дмитрий Николаевич Ийэ дойдутун туһугар ытык иэһин толоро сылдьан, сырдык тыына быстыбыта.
Аҕата уолун туһунан кэпсээтэ. Дмитрий үһүс оҕонон Николай Алексеевич уонна Евдокия Дмитриевна Егоровтарга төрөөбүт. Дима кыра эрдэҕиттэн олус үлэһит, мындыр эбит. Оскуола кэнниттэн аармыйаҕа танковай чааска сулууспалаабыт. Анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн барбыт. Аҕата уолун наҕараадаларын, хаартыскаларын аҕалбыт. Арассыыйа дьоруойа буолбут туоһу суругун көрдөрдө. Дмитрий Егоров хорсун быһыыта өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду историятыгар үйэлэргэ хаалыаҕа.
Стас Ли, IX «А» кылаас,
«Дьулуур» медиа киин,
А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолата