Алтынньы 31 күнүгэр Маар орто оскуолатын иккис кылааһын үөрэнээччилэрэ күһүҥҥү сынньалаҥнарын биир күнүн Ньурбаҕа атаардылар. Ол курдук, кэпсэтии быһыытынан Ньурбатааҕы драмтеатр киэҥ уораҕайыгар экскурсиялаатылар, театр айан таһаарар ис куукунатын үлэтин кытта билистилэр, саха норуота киэн туттар артыыската М.П. Николаева кэрэ кэпсээнин, эдэр артыыска, биир дойдулаахтара В.С. Конощук кыра саастаах оҕолорго театр туһунан сөптөөх кэпсээнин интэриэһиргээн иһиттилэр.
Оҕолор «режиссер», «оператор», «премьера» диэн тыллар суолталарын, театрга иистэнньэҥ, худуоһунньук, столяр идэлээх дьон туох оруоллаахтарын соһуйа биллилэр. Театр сыанатыгар буола турар репетицияны сонурҕуу көрдүлэр. Вера Семеновна «Дьөҥкүүдэ кыталыктарыттан» куорсун анньынан, артыыс буолан, толорор репертуардарыттан быһа тардан толорбутун, «66 студияҕа» иһийэн олорон иһиттилэр. Биир күн искусство эйгэтигэр ыалдьыттаан, үөрэн-көтөн, махтанан тарҕастылар.
Аделина Григорьева, Маар орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Бүгүн учууталбыт Розалия Васильевна каникул кэмигэр Ньурба куоратыгар автобуһунан илдьэ киирэ сырытта. Биһиги тыйаатырга сырыттыбыт, олус улахан, кыраһыабай, сырдык, саҥа дьиэҕэ үлэлииллэр эбит. Артыыстар хайдах бэлэмнэнэллэрин зрительнай саалаҕа олорон көрдүбүт, биир эмэ спектакльга сылдьыах баҕа үөскээтэ. Тыйаатыр саалатыгар 250 киһи киирэн көрүөн сөп эбит. Музейдарын көрдөрдүлэр, манна кимнээх үлэлээбиттэрин, туох наҕараадалаахтарын билиэххэ сөп. Звукорежиссер диэн тыаһы-ууһу, музыканы оҥорооччу идэлээх үлэһит баарын сэҥээрдим. Улааттахпына маннык улахан, кыраһыабай дьиэҕэ үлэлиэхпин баҕарабын.
Бэлэмнээтилэр Маар орто оскуолатын 2 кыл. үөрэнээччилэрэ уонна
кылаас салайааччыта Р.В. Николаева.