Майа сэлиэнньэтин Ф. Г. Охлопков аатынан орто оскуолатын 2 «б» кылааһыгар 31 оҕо үөрэнэр. Оҕо ааҕар дьоҕурун сайыннарарга, көҕүлүүргэ кылааспытыгар аа5ыы эйгэтин тэрийэбит. Нэдиэлэ күннэрэ барыта анал ааттаахтар:
Бэнидиэнньик — «Дьоһуннаах кэпсэтии»
Оптуорунньук — «Кинигэ түһүлгэтэ»
Сэрэдэ — «Дьикти көстүү»
Чэппиэр — «Дьиэ кэргэн түһүлгэтэ»
Бээтинсэ — «Нэдиэлэ түмүгэ» төрөппүттэрдиин
Субуота — Библиотечнай уруок
«Кинигэ түһүлгэтигэр» о5олор араас кинигэлэри аҕалан үөрэ — көтө кэпсииллэр. Саҥа кинигэ тахсыбытын, интэриэһинэй ис хоһоонноох айымньылары, сөбүлээн аахпыт кинигэлэрин түһүлгэтин олус сөбүлээн тэрийэбит.
«Дьикти көстүү» күнүгэр араас опыттары оҥоробут, эксперименныыбыт.
«Дьиэ кэргэн түһүлгэтигэр» төрөппүттэрбит олус көхтөөхтүк кыттыһаллар. Ийэ, а5а, о5о бары тэринэн кэлэн дьиэ кэргэнинэн интэриэһинэй дьарыктарын, сөбүлээн аа5ар кинигэлэрин, оонньууларын көрдөрөллөр, кэпсииллэр.
«Библиотечнай уруокка» школабыт библиотекаря Бакычарова К.Д. уонна улуустааҕы оҕо библиотекатыттан Дьяконова О. Н. тэрийиилэринэн кинигэни кытта хайдах үлэлииргэ, саҥа тахсыбыт, суруйааччылар айымньыларынан оҕону умсугутар тэрээһиннэ кыттыһабыт.
Оҕолорбутугар ааҕыы эйгэтин тэрийэн ааҕар дьоурбутун сайыннарабыт. «Чуораанчык» сурунаалы бары кылааһынан суруйтарабыт. Сурунаалбытыгар элбэх оҕо улэтэ бэчээттэннэ. Тастыгин Саша «Мин эһээм — Кыымаан булчут» тэттик кинигэтэ Чуораанчык сурунаал бэчээттэтэн таьаарда.
Елена Чичахова, 2 «б» кылаас салайааччыта