Алтынньы 6-9 күннэригэр Владивосток куоракка ыаллыы сытар Ливадия бөһүөлэккэ спортивнай ориентированиеҕа бүтүн арассыйатааҕы «Тихий океан» күрэхтэһиигэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун сборнайа (Павловскай уонна Табаҕа орто оскуолаларын үөрэнээччилэрэ) ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Манна спортивнай ориентирование курдук эти-хааны эрэ буолбакка, тобуллаҕас өйү тургутар спорт көрүҥүнэн үлүһүйэр 400 тахса оҕо кытынна. Спортсменнар дойдубут араас муннугуттан муһуннулар.
Күрэхтэһии Владивосток куоракка ыаллыы сытар Ливадия бөһүөлэккэ буолла. Спортсменнар үс күн устата таастаах хайалары дабайан, үрдүк оту-маһы уҥуордаан, араас уһуннаах дистанцияны аастылар. Ким сыыдамнык наадалаах пуунугар тиийэн бэлиэтэммит, биэтэккэ бастакынан тахсыбыт кыайыылаах буолла.
Биһиги оскуолабытыттан «Эдэр турист» куруһуок иитиллээччилэрэ Егоров Толя, Катаев Айтал, Дьячковская Рада, Брызгалова Василиса, салайааччылара Оконешникова Наталья Николаевна салалтатынан бүттүүн Арассыыйатааҕы күрэххэ кыттан кэллилэр. Егоров Толя, Катаев Айтал спортивнай ориентирование спорт көрүҥэр 1-кы разряды, Дьячковская Рада, Брызгалова Василиса 3-с разряды толордулар. Бииргэ үөрэнэр доҕотторбун, эдэр, кэскиллээх спорстменнары кытта сэһэргэстим.
— Бастатан туран, бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбиккитинэн эҕэрдэлиибин. Эһиги бу күрэххэ республика араас хамаандаларыттан хайдах таллыллан аастыгыт?
Биһиги 4 кылаастан «Эдэр турист» диэн куруһуокка хас да сыл устата дьаныардаах дьарыкпыт түмүгэ буолар. Биһиги салайааччыбыт Наталья Николаевна туох баар сыратын ууран туран, өрөбүл буоллун, каникул буоллун дьарыктыыр. Араас күрэхтэргэ кытыннаран, улууска, республикаҕа бастыҥнар ахсааннарыгар киирэммит, бу Владивосток курдук улахан куоракка кыттыыны ылан кэллибит.
— Эһиги элбэх күрэхтэргэ кыттыбыт, кыайыы өрөгөйүн билбит спортсменнар буолаҕыт. Атын, улахан куоракка ыыттыллар күрэх туох уратылаах эбитий?
Бары талыллан кэлбит оҕолор таһымнара быдан атын буолар. Хас биирдии кыттааччы күүстээх бэлэмнээх, бары миэстэлэһэрдии, разряд толоро кэлбит сыаллаахтар. Ону таһынан, айылҕата уратыта сыттаҕа. Ото-маһа олус үрдүк буолан, киһи сүүрэригэр мэһэйдэри үөскэтэр. Аны биһиги күрэхтэрбит наар мыраан үрдүгэр ыытыллар буоллахтарына, бу ыытыллыбыт күрэххэ таастаах хайалары дабайар олус ыарахаттардаах этэ. Ол да буоллар үчүгэйдик кыттан кэллибит, сыалбытын ситистибит диэн сананабыт.
— Уһук Илин биир бөдөҥ, сайдыылаах Владивосток куоратын тугун сэргии көрдүгүт?
Аан бастаан тиийээккин кытта, сииктээх салгына сөхтөрөр. Муора тулалаан турар буолан, салгынын сиигэ сүрдээх. Биһиги тиийэрбитигэр сөтүө кэмэ бүппүт этэ, ол да буоллар сорох оҕолор муораҕа сөтүөлээбиттэрэ. Саха сирин оҕолоро тымныыга үөрэммит буоллахпыт. Куорат иккис уратыта – сыырдаах, хайалаах сиргэ турар буолан, суоллара түһүү да тахсыы, кирилиэс бөҕө, бэйэтэ туспа дьарык. Владивостокка киһи кэрэхсиир сирдэрэ элбэхтэр – Нуучча арыытыгар баар дойдубут биир баараҕай океанариумугар сырыттыбыт, онно барарга Кыһыл көмүс уонна Нуучча муосталары сэргии көрдүбүт. Океанариумҥа араас элбэх балыктары кэрэхсээтибит, ордук хатыыстары уонна скат балыктары.
— Эһиги номнуо 8 кылаас үөрэнээччилэрэҕит. Сотору оскуоланы бүтэрэн, идэҕитин талыаххыт. Инникитин спортивнай ориентированиены, туризмы кытта олоххутун сибээстиигит дуо?
Манна баһылаабыт дьарыкпыт, сатабылбыт, ылбыт билиибит инники олохпутугар туһалыа диэн эрэнэбит. Бу куруһуокка сылдьан аҥардас эт-хаан дьарыга эрэ буолбакка, толкуйдуур дьоҕур уонна тус хаачыстыба сайдар. Элбэх күрэхтэргэ кыттан, туохтан да толлубат буоларга үөрэннибит. Түгэнинэн туһанан, салайааччыбытыгар Наталья Николаевнаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит. Эһиги биһиэхэ элбэх билиини-көрүүнү биэрэн, элбэххэ үөрэтэн-такайан, ситиһиигэ сирдээтин. Баҕарабыт тус олоххор, үлэҕэр-хамнаскар, дьиэ кэргэҥҥэр ситиһиини.
“Юный турист” иитиллэччилэрин кытта кэпсэттэ
Илларионова Илона,
Павловскай орто оскуолатын медиа-киинэ.