Алтынньы 11 күнүгэр аан дойдутааҕы кыргыттар күннэрэ буолара биллэр. Оскуолабытыгар бу күн кыргыттарга аналлаах буолла. Эбиэт кэннэ кыргыттар кабинеттарынан сылдьан оонньууларга кытыннылар, маастар кылаастарга үѳрэннилэр.
Дириэктэр сүбэhитэ Константинова Л.М. толкуйдатар сорудахтардаах викторина ыытта. Оҕо түмсүүтүн салайааччыта Афанасьева М.И. кѳрдѳѳх, хамсаныылаах оонньуулары тэрийдэ. Маастар кылаастарга дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Пахомова А.И. «Зумба» үҥкүүтүнэн кыргыттары кэрэ хамсаныыларынан имитэн үҥкүүлэттэ. Технология учуутала Алексеева С.А. «Аптаах киистэ» диэн уруhуй кистэлэҥнэрин кѳрдѳрѳн үѳрэттэ. Эбии үѳрэхтээhин педагога Степанова Е.В. «Объемные картины из яичных лотков» биир интэриэhинэй ньыманан туттан, араас кыыллары оҥорон, хартыына гынан таhаарары ситистэ. Бары кылаас кыргыттара кѳхтѳѳх кыттыыны ылан, элбэҕи билэн, үѳрэнэн, сонун тэрээhиҥҥэ сылдьан күннэрин туhалаахтык атаардылар.
Антонова Нарыйаана, 11 кылаас үөрэнээччитэ,
«Кѳмүс бѳрүѳ» пост
Илбэҥэ, Бүлүү