От ыйын 19 күнүгэр Ньурбаҕа Отов Герман Егорович кэлэн ыалдьыттаан барда. Ньурба оройуонун К.Д. Уткин аатынан түмэлгэ көрсүһүү буолан ааста.
Манна Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй үс сэргэ туруорбутун, Марха улууһугар 26 сыл кулубалаабыт Семён Александрович Кривогорницын туһунан кэпсэтии буолла. Саха норуотун духуобунай лиидэрэ Өксөкүлээх Өлөксөй үс кут диэн үс сэргэни туруорбут. Ол курдук, 1904 сыллаахха Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр Өксөкүлээх кэлэн, өбүгэ сиэрин-туомун тутуһан, арыгыта суох уруу тэрийбит. Манна кини саҥа олох түстэниитин бэлиэтин ИЙЭ КУТ сэргэтин, 1905 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Аһыкай нэһилиэгэр үлэни, или уонна уйгулаах олоҕу түстүүр БУОР КУТ сэргэтин, оттон 1924 сыллаахха эйэлээх олох кэлбитин уруйдаан Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр САЛГЫН КУТ сэргэтин туруорбут.
Оччотооҕу Марха улууһун кулубата,биллэр-көстөр киһитэ Семён Александрович Кривогорницын Өксөкүлээх иккис сэргэтин туруорарыгар көмөлөспүт. Маннык өбүгэлээхпинэн киэҥ туттабын, кинини хос-хос-хос эһээм буолар.
Ньурба улууһуттан Елена Евгениевна Фёдорова салайааччылаах биэс киһилээх делегация Өксөкүлээх бастакы туруорбут сэргэтин көрө Чурапчы Арыылааҕар айаннаатылар. Номнуо Кулаковская Лариса Реасовналыын көрсөн айаҥҥа тэриннилэр. Аҕыйах күннээҕитэ Үөһээ Бүлүү Аһыкайыгар тиийэн ыалдьыттаабыттарын кэпсээбиттэрэ. Бэйэлэрэ скандинавскай хаамыыннан дьарыктаналлар. Аны Өймөкөөҥҥө баралларын былаанныыллар.
Ити курдук, көрсүһүү бэрт сэргэх буолла. Герман Егоровичка улахан махталбытын тиэрдэбит, үлэҕитигэр ситиһиини!
Анжелина ЖДАНОВА Х кылаас,
«Ыллык» эдкорпост, Хаҥалас, Ньурба.