Спорт киһини эт-хаан өттүнэн эрэ эрчийэр буолбатах, дойду, алаас историятын, үлэһит, хорсун дьонун туһунан кэпсиир кыахтаах.
Ол аата хайдах диэн ыйытыаххыт. Холобур быһыытынан соторутааҕыта оскуолабытыгар буолан ааспыт бырааттыы Скрябиттэр ааттарынан чэпчэки атлетикаҕа эстафета күрэхтэһиитин туһунан кэпсиэҕим.
Ини-бии Илья, Дмитрий, Кирилл Скрябиннар төрөөбүт алаастарын бастыҥ ыччаттара этэ. Олоххо, үлэҕэ инники күөҥҥэ сылдьыбыт Төҥүлү оскуолатын выпускниктара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара.
Ыччат дьоҥҥо холобур буолар үтүө дьон ааттарын үйэтитэн, Скрябиннар аймах сүүрүү күрэхтэһиитин сыл аайы тэрийэн ыыталлар. Сүрүн тэрийээччинэн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр спортивнай комментатор, суруналыыс Илья Ильич Скрябин буолар. Сыл аайы ыытыллар эстафета буолан, оҕолор эрдэттэн сыал-сорук туруоран бэлэмнэнэллэр.
Сүүрүү – бириэмэни кытта киирсии. Бириэмэ барарын курдук баран иһэр. Оттон эн бэйэҥ кыаххын, күүскүн киллэрэҥҥин, бастыҥтан бастыҥ бириэмэни көрдөрүөхтээххин.
Мин быйыл бырааттыы Скрябиттэр бириистэригэр кыттаммын, сүүрүүгэ эстафета көрүҥэ эппиэтинэстээҕин биллим. Бииргэ сүүрэр оҕолорун көрдөрбүт бириэмэлэрин көмүскүөхтээххин, түһэн биэриэ суохтааххын. Бу саамай улахан эппиэтинэс. Бу эппиэтинэһи биһиги кылаас хамаандата бары тэҥҥэ сүгэн, ситиһиилэннибит – VIII кылаастарга чемпионнаатыбыт, мэтээл, грамота туттубут.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VII кылаас, Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас