Ханнык баҕарар көрүҥү сайыннарарга элбэх күрэхтэһиилэр ыытыллыахтаахтар. Төҥүлү нэһилиэгин дьоно остуол тенниһин олус өйүүллэр. Соторутааҕыта буолан ааспыт теннис күрэҕэ Төҥүлү олохтоохторо спорт бу көрүҥүн сыаналыылларын көрдөрдө дии саныыбын.
Күрэхтэһии Төҥүлү нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата, тэрилтэлэр, ИП-лар уонна теннискэ дьарыктанар оҕолор төрөппүттэрин өйөбүллэринэн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Күрэх кылаабынай судьуйатынан остуол тенниһигэр Россия спордун маастара Михаил Кылабысов үлэлээтэ.
Оскуола оҕолоро уолаттар, кыргыттар диэн үс бөлөххө арахсан күрэхтэстилэр.Онтон улахан дьон дьахталлар, эр дьон диэн арахсан, түөрт бөлөҕүнэн оонньоотулар. Уопсайа 55 киһи кыттыыны ылла.
Күрэх арыллыытыгар нэһилиэк баһылыгын солбуйаччыта СтепанЗаровняев Төҥүлү баһылыга Петр Эверстов аатыттан эҕэрдэ тылын эттэ. Теннис спордун ветераннарыгар эҕэрдэ сурук туттарда. Наум Киренскэй суруйбут хоһоонунан суруллубут теннис гиимин ырыата ылланна.
Күрэххэ, быһа холоон, 40-42 оҕо кытынна. Төҥүлү, Тумул, Тарат, Дьабыл, Балыктаах нэһилиэктэрин спортсменнара күрэхтэстилэр.
Теннис күрэҕин кэнниттэн элбэҕи толкуйдаатым. Биһиэхэ, оҕолорго, холобур буолар дьоннору сырдаталлара, остуол тенниһигэр угуйаллара олус үчүгэй. Теннис чэбдик, сыаллаах-соруктаах, «Кэскил» медиа-ракета» сменатыгар учууталларбыт эппиттэрин курдук, улахан тыалга бэриммэт, хамсаабат бигэ тирэхтээх дьону иитэн таһаарарга көмөлөһөр. Онон инникитин даҕаны Төҥүлүгэ маннык күрэхтэһиилэр буола туралларыгар эрэнэбин.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VII кылаас, Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас.