Спорт киһиэхэ күүстээх, тулуурдаах уонн дьулуурдаах буолуу хаачыстыбаларын сайыннарар. Мин спорт элбэх көрүҥнэриттэн бэйэбэр сөптөөх диэн волейболу талбытым. «Кыайыы 50 сыла» спорт дыбарыаһыгар сылдьабын.
Тренерим – Мария Руслановна Глухарева. Кини туһунан кэпсээтэхпинэ «тыый, Мария Руслановнаҕа сылдьаҕын дуо! Бэрт эбит дии!» диэн киһи барыта үөрэр, сөҕөр. Мин тренербин «ситиһиилээхтик үлэлиир» диэн элбэх киһи билэр.
Волейболга кылааспытыттан үс буолан сылдьабыт: Клара Саввинова, Наташа Гермогенова уонна мин. Соторутааҕыта Нам оройуонугар бара сырыттыбыт. Пионерболга икки хамаанда буолан, күрэхтэстибит.
София ФЕДОРОВА, III «В» кылаас,
Саха гимназията, Дьокуускай