Муус устар 20-24 күннэригэр Мукучуга, И.Е.Левин аатынан Танара орто оскуолатыгар «Психология уонна доруобуйа» күннэрин чэрчитинэн маннык тэрээһиннэр буоллулар:
1.Плакат «Биһиги кылааспыт настарыйыанньата». Кылаас иһигэр ыйанар фотоколлаж (1-4 кылаастар);
- «Үөрүү муннуга» (5-11 кылаастар) кабинеттарыгар сувенир эбэтэр оноһук оҥорон учуутал остуолугар уурдулар.
- «Уоскулаҥ күнэ». учууталлар, үлэһиттэр, оҕолор бары от күөх өҥнөөх таҥас эбэтэр атрибутика кэтэн кэлбиттэрэ, үөрүүлээх сонуннарын үллэстибиттэрэ, хаартыскаҕа түспүттэрэ.
- Көрдөөх- нардаах «Ералаш» видеоларын көрүү, » Музыка сүрэҕи эмтиир» — диэн истиҥ, уоскуйар музыканы иһиттилэр.
Бу маннык тэрээһиннэр сааскы кэмҥэ, эппиэттээх эксээмэннэр иннилэринэ оҕону, киһини уоскутар аналлаахтар.
Ксенофонтова С.Н., психолог,
И.Е.Левин аатынан Танара орто оскуолата