Кулун тутар 27-30 куннэригэр Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи «Социальный педагог-2023» күрэҕэр А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицейтэн Лена Алексеевна Неустроева кыттан кыайыылаах үрдүк аатын ылары ситистэ. Бу күрэхтэһии 4 күн устата ыытылынна, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 11 кыттааччы (Мэҥэ-Хаҥаластан, Горнайтан, Орто-Халыматтан, Өлөөнтөн, Бүлүүттэн, Хаҥаластан, Өлүөхүмэттэн, Үөһээ Халыматтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Дьокуускайтан уонна Тааттаттан) кэлэн кыттыыны ыллылар. Чэпчэкитэ суох үлэлэрин уопуттарыгар олоҕуран систиэмэлэрин арыйдылар.
Күрэх уопсайа IV түһүмэҕинэн ааста. I түһүмэх бэйэни билиһиннэрии, II түһүмэх мастер класс — занятие ыытыы, III түһүмэх төрөппүтү кытта үлэ бырагыраамматын көмүскээһин буолла. Үс түһүмэх түмүгүнэн 5 кыттааччы түмүктүүр түһүмэххэ тахсан экспертнэй комиссияны кытта пресс-кэмпириэнсийэҕэ кытыннылар. Экспертэр Лена Алексеевна бары түһүмэххэ үрдүк таһымнаахтык кыттыбытын, ордук оскуола үлэтин көрдөрөр бырагыраамманы үчүгэйдик көмүскээбитин,үлэ тоҕоостооҕун, дириҥин бэлиэтээтилэр. Күһүн Россияҕа буолар күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кыттарыгар баҕа санааларын эттилэр.
Эмма Пантелеймоновна Апросимова,
А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей
алын сүһүөх учуутала