Дьокуускайдааҕы Саха гимназиятын III «в» кылааһын үөрэнээччилэрэ олунньу 20 күнүгэр ыытыллыбыт «Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ» сэдэх идэлээх саха киһитин туһунан билистилэр.
– Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күнүгэр аналлаах уруок бэлэм матырыйаалларын keskil14.ru саайтыттан туһанныбыт. Оҕолор ыраах Камчаткаҕа олорор подводник идэлээх биир дойдулаахпыт Тихон Афанасьевич Матвеев туһунан олус сэргээн иһиттилэр. Уруок сценарийыгар баар “25 сыл устата байыаннай чаастарга салайааччынан, ол иһигэр 9 сыл подводнай лодкаҕа сулууспалаабыта. Саха киһитэ муора аннынан уста сылдьан Россия кыраныыссатын харабыллаан, биһиги нус-хас утуйарбыт, сиргэ эйэлээх олох туһугар олоҕун анаабыта” диэн тыллар оҕолор интэриэстэрин ордук улаханнык тарта. Уолаттарым «подводнай лодка» диэн тылы истэн баран, сэргэхсийэ түстүлэр уонна Тихон Афанасьевич курдук, муора анныгар сулууспалыахтарын баҕардылар. Онтон бары бииргэ олорон Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн Камчаткаҕа олорор 73 саастаах Тихон Афанасьевич Матвеевка бэлэх открыткалары оҥордубут. Оҕолорум сэдэх идэлээх саха киһитигэр өр сулууспатын иһин махтанан, «олох ыалдьыма, уһуннук олор» диэн ис сүрэхтэриттэн кыһаллан суруйдулар. Бэлэх открыткаларбытын «Чуораанчык» сурунаал редакциятыгар илдьэн туттардыбыт. Тихон Афанасьевич төрөөбүт Сахатын сирин оҕолорун махталларын, эҕэрдэлэрин тутан олус үөрүө диэн эрэнэбит, – диэн кэпсиир кылаас салайааччыта Лариса Алексеевна Корякина.
Keskil14.ru