«Уол оҕо – Аҕа дойду көмүскэлигэр» диэн тиэмэҕэ «Дьоһуннаах кэпсэтиилэр» тэрээһиннээхтик аастылар.
Олунньу ый устата Аҕа дойду көмүскэлэ хас биирдии уол оҕо ытык иэһэ буоларын өйдөтөр сыаллаах оскуолабытыгар кылаас чаастара, уруок таһынан дьарыктар буола тураллар.
Учууталларбыт оҕолорго, төрөппүттэргэ уол оҕо дьиэ кэргэн уонна дойду туллар тутааҕа, эркинэ, хаххата, көмүскэлэ буоларын өйдөттүлэр, иҥэрдилэр.
Маныаха «Кэскил» оҕо тэрилтэтэ бэлэмнээн биэрбит олус интэриэһинэй ис хоһоонноох мультимедийнэй матырыйаалларын туһанан, эвристическэй кэпсэтиини ыытан, түмүк оҥорон, үлэлэригэр көмөлөһүннэрдилэр.
Оҕолор кэпсэтии түмүгэр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ» — бырааһынньык, сылын аайы олунньу 23 күнүгэр Белорусияҕа, Киргизияҕа, Россияҕа уонна Таджикистаҥҥа бэлиэтэнэрин, 1922 сылтан СССР кэмигэр «Кыһыл Аармыйа күнэ», 1946 сылтан — «Сэбиэскэй Аармыйа күнэ», 1949 — 1992 сылларга — «Сэбиэскэй Аармыйа уонна Байыаннай-муора флотун күнэ» диэн бэлиэтэнэллэрин, өйдөрүгэр хатаатылар.
Маны таһынан, билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии уол Аҕа дойдутун көмүскүүргэ бэлэммин, күүстээхпин, хорсун санаалаахпын дуо диэн толкуйга түстүлэр.
Түгэнинэн туһанан, Кэбээйи орто оскуолатын үөрэнээччилэрин ааттарыттан Саха сирин бары уолаттарын, эр дьонун Аҕа дойду көмүскээччилэрин күннэринэн эҕэрдэлиибит.
Кэрэ аҥардарга суон дурда, халыҥ хахха, бигэ тирэх буола сылдьаргытыгар баҕарабыт.
Гуляева Валя , 8 кылаас
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата