Олунньу ый 3 күнүгэр М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатыгар «Таастаах кытыл» диэн ырыа-үҥкүү бэстибээлэ буолан ааспыта. Бу бэстибээл икки сылга биирдэ ыытыллар, манна оскуола оҕото барыта кыттар.
Бары кылаастар биэстии нүөмэри бэлэмнээн, улахан кэнсиэри көрдөрөллөр. Элбэх оҕо бу бэстибээлгэ кыттан, сыанаҕа тахса үөрэнэр, ыллыыр-үҥкүүлүүр, бэйэтин талаанын арыйар, учууталларбыт элбэх нүөмэри көрдөрөргө бэлэмнииллэр, онтон төрөппүттэрбит биһиэхэ таҥас тигэллэр.
Бастаан 1-4 кылаас оҕолоро кытыннылар. Кинилэр Петр Тобуруокап хоһооннорун эттилэр, ансаамбылынан «Улахан Аан» диэн ыраны толордулар, ол кэннэ фольклор көрүҥэр кылаас оҕолоро бары кэриэтэ чабырҕахтаабыттара. Дуэтынан ыллаабыттара, бары сахалыы үҥкүүнү көрдөрбүттэрэ. Мин бу тэрээһини астына көрбүтүм, хаартыскаҕа түһэрбитим.
Биһиги бэстибээлбитигэр Булгунньахтаах нэһилиэгин Оҕо искусствотын оскуолатын специалистара кэлэн сыаналаабыттара, кыайыылааҕы быһаарбыттара.
Түмүк маннык буолла: хоһоон этиигэ кыайыылаах 4 кылаас, онтон 3 кылаас, 2 кылаас.
Чабырҕах күрэҕэ: бастакы миэстэ 4 кылаас, онтон 3 кылаас, 1 кылаас.
Ансаамбыл: 1 миэстэ 4 кылаас, 2 миэстэ 3 кылаас, 3 миэстэ 2 кылаас.
Соло (дуэт): 1 миэстэ — Влад Громов уонна Никита Тапыев, 4 кылаас үөрэнээччилэрэ, 2 миэстэ — Кирилл Голоков уонна Дамир Максимов 3 кылаас үөрэнээччилэрэ, 3 миэстэ — Ваня Соломонов уонна Ким Тимофеев 2 кылаас үөрэнээчилэрэ.
Үҥкүү күрэҕэр: 1 миэстэ 4 кылаас, 2 миэстэ 3 кылаас, 3 миэстэҕэ 1-2 кылаастар.
«Гран-при» үрдүк аатын 4 кылаас коллектива ылла.
Ити курдук 1-4 кылаас бөлөхтөрүгэр аналлаах «Таастаах кытыл» бэстибээл ситиһиилээхтик ааста.
Аман Еремеев, М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.
Яковлева Валя, 10 кылаас үөрэнээччитэ видеоҕа уһулуута.