Ааспыт өрөбүлгэ үҥкүү, ырыа кэрэ эйгэтигэр сылдьан олус диэн дуоһуйан кэллибит. Ол курдук олунньу 12 күнүгэр Ньурба куоратыгар “Олоҥхо дойдутун талааннара” диэн ааттаах фестиваль-куонкурус буолан ааста.
Араас нэһилиэктэртэн элбэх бөлөх кэлэн кыттыыны ыллылар. Биһиги оскуолаттан Милена Прокопьевна Иванова салайааччылаах «Туллукчаан» үҥкүү ансаамбылынан киирэн кытынныбыт.
Бу түмсүүбүтүгэр үҥкүүнү сэргээн, сөбүлээн алын уонна орто сүһүөх оҕолоро сылдьаллар. Куонкуруска кыралар бөлөхтөрө хотугулуу табалаах үҥкүүнэн 2 истиэпэннээх лауреат, орто бөлөххө биһиги хотугулуу үҥкүүбүтүнэн 3 истиэпэннээх лауреат ааттарын ылан, үөрэн-көтөн кэллибит. Санк-Петербург, Сочи куораттарга буолар фестивальга салгыы кыттарга ыҥырык ыллыбыт.
Биһиги үҥкүүлүүрбүтүн, ансаамбылбытын уонна салайааччыбытын олус сөбүлүүбүт. Киниэхэ уонна таҥаспытын тигэр, айаҥҥа таһар, куруук өйүүр төрөппүттэрбитигэр махталбыт муҥура суох.
Лияна Федорова, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба Хаҥалас.