Мин ырыаны, үҥкүүнү интэриэһиргиир буоламмын оҕо эрдэхпиттэн араас кэнсиэрдэргэ сылдьарбын сөбүлүүбүн. Хомойуох иһин айылҕа миэхэ ыллыыр уонна үҥкүүлүүр талааны биэрбэтэх. Ол эрэн, 2016 сылтан үһүс саас оскуолатыгар «Ыллыктар» диэн драм куруһуокка сылдьабын. Миэхэ саҥарар, суруйар идэ барсар дии саныыбын. Быйыл оскуолабын бүтэрдэхпинэ асчыт идэтигэр үөрэнэ киириэм. Ырыа, үҥкүү эйгэтин хобби быһыытынан сайыннарар былааннаахпын. Оскуолаҕа үөрэҕим таһынан, улууспут киинигэр Бороҕоҥҥо «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр саҥа арыллыбыт «ДетиTV» диэн оҕо телестудиятын куруһуогар тележурналистика эйгэтигэр дьарыктана киирбитим. Манна 2016 сыллаахха «Ералашка» лааҕырга миигин киинэҕэ уһулбут салайааччыбыт, Окоемова Евдокия Михайловна ыҥырбыта. Бу куруһуокка биһиги корреспондент оҕолор сөпкө саҥарарга, суруйарга, камераттан кыбыстыбат буоларга, туттарга-хаптарга, интервью ыларга үөрэнэбит. Онтон оператор, монтажер оҕолор камеранан устарга, персональнай компьютерга монтажтыырга үөрэнэллэр. Учуутал көмөтүнэн хас да биэриини бэлэмнээн таһаардыбыт. Маны таһынан, «Өркөн» оҕо киинигэр мобильнай сыһыарыынан үлэлиир «Дуораан» радио баар. Кини быйыл номнуо иккис сылын үлэлиир. Мэлдьи «Дуорааны” истэр буоламмын радиоҕа DJ буолан боруобаланан көрүөхпүн олус баҕарар этим.
Олунньу ый 8 күнүгэр баҕа санаабын толорон Дуорааҥҥа аһаҕас эфиргэ «Оҕо, оҕо эрдэххэ» диэн оскуола оҕолоругар аналлаах биэриини ыытан боруобаланан көрдүм. Бастакы ыытааччы, Диана Борисова бүтүн Россиятааҕы оҕо хамсааһынын 14 күннээх марафонугар Москва куоракка кыттыыны ыла сылдьар. Онон кинини солбуй диэн ыҥырбыттарыгар тута сөбүлэспитим. Ыытааччы идэтэ олус интэриэһинэй, эппиэтинэстээх эбит. Аан бастаан радиоҕа саҥарар буоламмыт олус долгуйбутум. Биэриибитигэр Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын волейболга сүүмэрдэммит хамаандатыттан Стручкова Наташа уонна Николаева Алеся кыттыыны ылбыттара. Кыргыттары кытта наһаа эйэҕэстик, аһаҕастык күлэ-үөрэ кэпсэттибит, сахалыы таабырын таайса оонньоотубут.
Оскуолам олоҕуттан кылгастык сонуммун, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата ыытар медиа бырайыагын туһунан сырдаттым. Дьэ ити курдук, мин радиоҕа бастакы аһаҕас эфирбын ыыппытым туһунан санаабын эһигини кытта үллэһинним.
Оҕолоор, “Дуораан” радио мобильнай сыһыарыытын төлөпүөннэргитигэр хачайдаан истээриҥ. Быһа эфирга тохтоло суох элбэх сахалыы ырыа иһиллэр, күнүһүн интэриэһинэй биэриилэр, оонньуулар буолаллар.
Евгений Стручков,
Мындааба орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ,
«Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллэччитэ,
Алдан улууһа.
#кэскиллээхолоххобэлэмбуол