Аат киһи дьылҕатыгар сабыдыаллыыр, оҕо майгытыгар — сигилитигэр, идэтигэр, тус олоҕор. Ол иһин оҕоҕо ааты талыы мээнэ буотах. Урут үөрэҕэ суох дьоҥҥо аҕабыыттар оҕону ааттыырга көмөлөһөллөрө. Билигин биһиги үйэбитигэр сахалар сахалыы ааттаныахтаахпыт, бэйэбит омук быһыытынан тылбытын, култуурабытын, ол аата ааппытын кытта сүтэриэ суохтаахпыт диэн санааттан сахалыы аат элбээтэ.
Кэлэр көлүөнэ оҕолорбутугар, сиэттэрбитигэр бэриллэн иһэрин тутуһан, омук быһыытынан сүппэппит,симэлийбэппит туһугар, дьылҕабытын харыстыахтаахпыт. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт, бары сахалыы ааттаахпыт. Мин аатым Арылхан, ыраас, чаҕылхай диэн суолталаах. Мин ааппынан киэн туттабын, төрөппүттэрим сырдык, ыраас дууһалаах, толкуйдаах, ыраас олохтоох, сырдыкка таластын диэн ааттаабыт буолуохтаахтар. Саха буоларбын инники тута сылдьыахтаахпын, хаһан да, ханна да ааппын түһэн биэриэм суоҕа. Балтыларым ааттара Ньургуйаана нарын, ыраас. Сахайаана таҥараттан төрүттээх, Нарыйаана эйэҕэс, сымнаҕас, истиҥ.
Биһиги кылааспытыгар үс уол сахалыы ааттаах, мин уонна икки доҕордорум Айысханнаах Ньургун. Ньургун бастыҥ, чулуу. Айысхан ай, тут, салай диэн суолталаахтар. Өссө да сахалыы ааттаар элбии туралларыгар баҕарабын.
Семенов Арылхан VI кылаас.
» Ыллык» пост Ньурба Хаҥалаһа
1