Мин эмиэ эһэм курдук сорсуннаах булчут буолуохпун баҕарабын. Булчут киһи-үлэһит киһи диир кини. Онон мин билэбин, булт диэн эмиэ туспа уустук үлэ буоларын. Ону барытын сатыыр, сүрэҕэлдьээбэт эрэ киһи дьиҥнээх булчут, эрэллээх эр киһи буолар.
Биһиги Саха сирин Арктическай улууһугар олоробут. Айылҕабыт олус ураты буолар. Кылгас, ол гынан баран киирбэт күннээх сайыннаах, кыһына дьүкээбил уоттаах халлааннаах. Маннык тыйыс усулуобуйаҕа олорон биһиги эр дьоннорбут булдунан, балыктааһынынан дьарыктаналлар.
Ол курдук, мин эһэм, Винокуров Максим сорсуннаах булчут удьуордаах. Ол да иһин эһэм 7-ис кылааска үөрэнэ сылдьан 100 андаатары бултаабыттаах. Кини аҕата, эһэтэ бары булчуттар этэ. Бииргэ төрөөбүт убайа Винокуров Константин наар бултаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай бириэмийэтин ылбыта. Оттон мин эһэм улуус аҕа баһылыгын гранын хаһаайына, 2014 сыллаахха улууска бастыҥ бөрөһүт ааты ылбыта. Маны таһынан, кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Эһэм бултуу сылдьан сааскы кус кэмигэр альбинос эһэни бултаабыта. Ол эһэ чуучулата Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ турар.
Мин эмиэ эһэм курдук сорсуннаах булчут буолуохпун баҕарабын. Биһигини эһэбит булка илдьэ сылдьар, тыаҕа-сыһыыга хайдах сылдьарга үөрэтэр. Булчут киһи-үлэһит киһи диир кини. Онон мин билэбин, булт диэн эмиэ туспа уустук үлэ буоларын. Ону барытын сатыыр, сүрэҕэлдьээбэт эрэ киһи дьиҥнээх булчут, эрэллээх эр киһи буолар.
Винокуров Аполлон, 5 кыл