Тохсунньу 31 күнүгэр Ньурба улууһун Дьаархан орто оскуолатыгар оройуоннааҕы саахымакка В.Н. Иванов аатынан аһаҕас турнир буолан ааста.
Бу турнирга оройуон оскуолаларыттан 5-тии үөрэнээччилээх хамаандалар кытыннылар. Курэхтэһиигэ 5 оскуола хамаанда туруоран кытынна, атын оскуолалартан кэккэ биричиинэннэн сатаан кэлбэтилэр. Биһиги оскуолаттан Фёдорова Алёна Ивановна салайыытынан 5 буолан кытынныбыт: Олег Адамов, Слава Васильев, Эльдар Мордовской, Олеся Петрова, Виолетта Иванова.
Турнир түмүгүнэн, 1 миэстэ 5000 харчынан бириис — Маалыкай орто оскуолата , 2 миэстэ — 4000 харчынан бириис — Ньурбатааҕы техническай лицей, 3 миэстэ 3000 харчынан — Хаҥалас орто оскуолата, 4 миэстэ — Дьаархан орто оскуолата, 5 миэстэ — Хорула орто оскуолата.
Оройуоннааҕы күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан дуоһуйа үөрдүбүт.
Олег Адамов 10 кыл.,
Ньурба, Хаҥалас «Ыллык» эдкорпост.