Доруобуйаны бөҕөргөтөр, эти-сиини чэбдигирдэр — саамай сөптөөх суол. Ол курдук Ньурба оройуонун Маарыгар элбэх эбээ хаалыктаах хаамыынан дьарыктаналлар. Олор истэригэр мин ийэм эдьиийэ Елена Егоровна уонна эдьиийим Анжелина учуутала Саргылаана Петровна эмиэ баар. Онон биһиги кинилэр хаамыыларын билэ-көрө сылдьабыт.
Бу томороон тымныылар турбуттарыгар эдэр эбээлэр тохтоон хаалбакка, 50 кыраадыстан намтаата да, син-биир хаама бараллар. Күҥҥэ ортотунан 5-6 килэмиэтири дабайаллар. Ыраас салгыҥҥа сылдьан дуоһуйа тыыналлар, эрчиллии оҥороллор уонна бэйэ-бэйэлэрин кытары алтыһаллар.
Хаалыктаах хаамыы биһиэхэ сахаларга олус барсар көрүҥ эбит. Манна элбэх тэрил наадата суох: хаалык уонна баҕа санаа. Мин ийэм эмиэ, быыс буллаҕына, чугас ойуурга тахсан хаамааччы.
Чөл салгыҥҥа хаамыҥ – чэгиэн сылдьыҥ!
Эвелина Жданова, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба Хаҥалас.