Мин 2019 сыллаахха «Кэнчээри» оҕо Россиятааҕы үтүөлээх, көрдөрүүлээх, норуодунай ансаамбылыгар киирбитим. Манна ырыаны, үҥкүүнү иккиэннэрин сөбүлүүр буолан, сылдьан саҕалаабытым. Ырыаҕа Василий Степанович Парниковка, үҥкүүгэ Ульяна Петровна Ноговицынаҕа киирбитим. Онно учууталларбыт ансаамбыл туһунан сиһилии быһааран билиһиннэрбиттэрэ. “Кэнчээри” диэн тыл туох суолталааҕын билбитим. Сахаларга хотуур охсон ааспытын кэнниттэн үүнэн тахсыбыт оту кэнчээри диэн ааттыллар эбит. “Инники кэскилбит, кэнчээри ыччат” диэн этээччилэр.
“Кэнчээригэ” биһиги үҥкүү өттүнэн станок быраабылаларыгар, позицияларга, норуодунай үҥкүүлэргэ, классикаҕа үөрэнэбит. Ырыа өттүнэн куолаһынан арахсан, үс араас ньыманан (академическайдыы, норуодунайдыы, эстраднайдыы) ыллыырга үөрэнэбит. Ону таһынан, уопсастыба эйгэтигэр хайдах тутта-хапта сылдьарга, эппиэтинэстээх буоларга үөрэтэллэр.
Быйыл «Кэнчээри» ансаамбыл 50 сылыгар анаан документальнай киинэ уһуллан таҕыста. Онно ансаамбыл выпускницата Лена Семёновна Павлова Россия Президенин гранын 500 тыһыынча харчыны кыайбыта. Ол кыайбытыгар Василий Степановичтыын сөбүлэһэннэр, “Кэнчээри” туһунан киинэ оҥорорго быһаарбыттара. Онно режиссёрунан «Кэнчээри» ансаамбыл выпускницата, эдкора, солистката, старостата, «Вести Саха» ыытааччыта Ньургуйаана Феоктистова буолан, быйыл саас үлэ саҕаламмыта.
Сайын биһигини Анна Ярыгина диэн тэлэбиидэнньэ үлэһитэ сценарийдаан устубута. Онно биһиги Мүрү эбэбит кырдалыгар, «Мүрү, Мүрү барахсан» уонна «Кэнчээрилэр ыллыыллар» ырыаларбытыгар уһуллубуппут. Сценарий быһыытынан, “Кэнчээри” историятын хабан, киинэни таҥан, быйыл күһүн бүтэрбиттэрэ. Ону «Кэнчээри» ансаамбыл выпускницалара, олохтоох бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Култуура Дыбарыаһыгар Варя Бережнева, Вера Портнягина ааҕыы саалатыгар мунньаннар, киинэбитин бары көрөн үөрбүппүт, астыммыппыт.
Бу киинэҕэ уһуллар кэмнэрбит умнуллубаттар. Үөрэнээччилэр бары биир киһи курдук буолан, тулуйан, хас да дубль уһуллан, күүспүтүн биэрбиппит. Киинэни оҥорбут выпускницаларбытыгар, учууталларбытыгар Василий Степановичка, Ульяна Петровнаҕа махтанабыт. Инники кэнчээри ыччат, дьон-сэргэ көрүө диэн эрэнэбит.
Айыына Рожина, “Кэнчээри” ансаамбыл эдкора, XI кылаас үөрэнээччитэ,
Мүрү, Уус Алдан.