Тохсунньу 5 күнүгэр урут уруккуттан Өлөөкө-Күөл бөһүөлэгэр мас тардыһыытын күрэхтэһиитэ ыытыллар үгэстээх. Бу тэрээһини бөһүөлэк чөл олоҕун түмсүүтэ иилээн-саҕалаан ыытар. Күрэхтэһиигэ уһуйаан иитиллээччилэриттэн саҕалаан бэтэрээннэргэ тиийэ кытталлар.
Быйыл да бу үтүө үгэс кэһиллибитэ. Онон 57 кыттааччылаах 14 ыйааһыҥҥа мадьынылар күөн көрүстүлэр.
Ыйааһын аайы кыайыылаахтар быһаарыллан, пьедесталга тахсан, мэтээл кэтэн, бириис тутан наҕараадаланнылар. Муҥутуур кыайылааҕы быһаарар тыҥааһыннаах түгэннэри ыалдьааччылар ыһыытаан-хаһыытаан доҕуһуоллаатылар.
Оттон 11 кылаас үөрэнээччитэ Вова Винокуров, 8 кылаас үөрэнээччитэ Ирма Винокурова «Кыайыыга дьулуурун иһин» диэн, оттон 7 кылаас үөрэнээччитэ Олимпиада Еремеева уонна 10 кылаас үөрэнээччитэ Ваня Винокуров «Кэскиллээх мадьыны» анал ааттары ылан өйдөбүнньүк кубоктары туттулар.
Оҕолорбутугар инникитин да спорт эйгэтигэр ситиһиилэри, олоххо көхтөөх кыттыыларын ыһыктыбаттарыгар баҕарабыт.
И. Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.