«Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ (салайааччы Н.В. Котоконова) Саҥа дьылынан дьиэҕэ олорор 10 эбээҕэ, 2 эһээҕэ бэрэскии астаан ыыттылар.
Эриллибит эти, мас арыытын, үллүбүт тиэстэни бары аҕаланнар, балаҕаҥҥа мустаннар бэрэски оҥорон, буһаран сып-сылаастыы илдьэн биэрдилэр. Ону кытта ис сүрэхтэриттэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕардылар. Эбээлэр, эһээлэр соһуччу бэлэхтэн үөрэн, бэрэски астаабыт ийэлэргэ М.Н. Ильинаҕа, А.С. Прокопьеваҕа, С.Н. Васильеваҕа, С.В. Васильеваҕа, Е.Ф. Никоноваҕа, Н.В. Котоконоваҕа маннык тылларынан махтаннылар: «Бука барыгытын Куобах сылынан эҕэрдэлиибит,доруобай буолуҥ,үлэҕитигэр ситиһиини,дьиэ кэргэҥҥитигэр дьол эрэ тосхойдун.Кэһиигитигэр олус үөрдүбүт.»
Эҕэрдэлэриттэн, баҕа санааларыттан «Күбэйэ» түмсүү үөрдэ уонна үлэҕэ кынаттаата.
Н.Н. Михайлова, Ороһу.