Бүгүн мин Саҥа дьылга дьиэни киэргэтэргэ кумааҕынан хайдах гирлянда оҥоруохха сөбүн сүбэлиэм. А4 кумааҕы ылабыт, үөһээттэн алларааҥҥа диэри бүк тутабыт.
Онтон ойоҕостон ойоҕоско диэри бүк тутабыт уонна ити билигин оҥорбуппут курдук бүк тутабыт. Кытыытыгар хаар киһини уруһуйдуохка наада. Илиитин уһун гына уруһуйдуубут, кытыытын эмис шарик аҥаарын курдук уруһуйдуубут, онтон улахан күүстээх кыптыыйы ылан баран кырыйабыт.
Биһиэхэ икки чаас баар буолар, хаар киһибит илиититтэн килиэйдиибит. Гирляндабыт бэлэм буолла!
Милена Осипова,
С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж 4 “Б” кылааһын үөрэнээччитэ.
Мин Саҥа дьылга эһиэхэ хайдах сулус киэргэли оҥорору сүбэлиэхпин баҕарабын.
Биһиэхэ наада: 5 суши палочката, быа, гирлянда. Бастаан биһиги палочкаларбытынан сулус оҥоробут, кытыыларын быабытынан эрийэн туттаран кэбиһэбит. Онтон салгыы төбөлөрүгэр килиэйи кутан сыһыаран баран барытын эрийэбит. Гирлянданы бытааннык угабыт. Кытыытыгар тыыннаах харыйаны уонна туорааҕы сыһыаран киэргэтэбит.
Симона Павлова,
С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж 4 “Б” кылааһын үөрэнээччитэ.