Саҥа Дьыл хас биирдии оҕоҕо саамай күүтүүлээх бырааһынньык. Тымныы Моруостан кэтэһиилээх кэһиилэрин тутан үөрүү-көтүү үксүүр.
Бүгүн Тымныы Моруос анал байыаннай дьайыыга сылдьар А.А. Харитонов дьиэ кэргэнигэр ыалдьыттаата. Араас уотунан күлүмнүү умайбыт, налыччы киэргэммит дьуолка, дьиэ иһигэр саҥа дьыл тыынын биэрбит. Тымныы кырдьаҕас торуоската тоһурҕаан илэ чахчы киириэ диэн сэрэйбэтэх оҕолор соһуйуу бөҕөтүн соһуйбуттар.
Аида саҥа дьылы ситиһиилээх көрүстэ. Кини бэйэтэ сатаан ааҕар буолла. Моруос кырачаан кыргыттарга бэйэтин кэһиитин туттарда. Онтон кыргыттар Тымныы Моруостан кэһии тутан үөрүүлэриттэн махталларын биллэрэн иэдэһиттэн сыллаан ыллылар. Маннык соһуччу ыалдьыт үөрүүлээх күнү бэлэхтээбитэ, оҕолор өйдөрүгэр, минньигэс түгэн сөҥөн, оҕо саас минньигэс түүлэ буолан хаалыа диэн эрэнэбит.
«Кустук» пресс-киин, Күүкэй.